Үөрэх дьылын көрсө
Научнай салайааччылара Прокопий Ноговицын оҕолорун соло туппата. Араас дьоҕус бөлөхтөрүнэн сылдьар ыллыктарын сотору-сотору кэрийдилэр. Элбэх оҕону биирдэ тиэйэн илдьэ сылдьарга тырааныспар да суох. Ол эрээри быыстатан төрөппүттэр, энтузиаст дьон көмөлөрүнэн син күнү-дьылы баттаһа бэркэ сырыттылар, ордук чугас эргин, велосипедынан кытары.
Элбэх көрсүһүү Прокопий Ноговицын тэлгэһэтигэр буолла. Лааҕырдар оҕолоро экскурсияҕа сылдьаллар. Бу күннэргэ Ойго Горнай улууһуттан Семен Данилов аатынан оскуолаттан «Сүмэ» экспедиция үөрэнээччилэрэ кэлэн бардылар. 2016 сыллаахтан «эллэйээдэлэри» кытары сибээстэһэн бииргэ походтарга сылдьыбыттара – хаҥаластарбыт, маалтааныларбыт, алтыһар тиэмэбит элбэх диэн чинчийэр үлэлэрин билсэллэр.
«Бу сырыыга горнайдар мамонтовай фаунаттан түҥ былыргы хараара хаппыт кырам таларыттан кэһиилэнэн кэлбиттэрэ саастыылаахтарын үөртэ. Хаһыылартан көстүбүт кыыллар уҥуохтарын өҥө араастаһар – биһиги эҥэр маҥхайбыт, бороҥ өҥнөөхтөрө баһыйар. Өссө былыргы бизон сиһин тоноҕоһун эмиэ хараара хаппыт уҥуоҕун аҕалбыттара интэриэһи тарта. Биһиэхэ оннооҕор вивианотовай хараҥа күөх сэлии үлтүркэйэ баар. Түгэнинэн туһанан Эрсан Титов ыалдьыттарга бизоннар тустарынан сэһэргээбитэ» — диэтэ Прокопий Романович.
Маннык истиҥ көрсүһүүлэр оҕолорго билэргэ-көрөргө суолу арыйаллар. Эдэр чинчийээччилэр былыргы кыыллар кырамталарын булан, чинчийэн, оннооҕор кыыллар туохтан өлбүттэрин мындырдаан быһаараллар. Билэ сатаан элбэҕи ааҕаллар, интернети үлэлэригэр туһаналлар. Холобур, «Донской куобах» уҥуоҕун үлтүрүркэйдэрин историятынүөрэппиттэрэ, археологтары, палеонтологтары кытары, өссө да атын хайысхалаах учуонайдары кытары үлэлээн билиилэрин хаҥаталлар.
Ноговицыннар тэлгэһэлэригэр ампаардара, гараастара – маннык түгэннэргэ үөрэх киинигэр кубулуйар. «Эллэйээдэ» экспедиция чилиэннэрэ саастыылаахтарын сэргэ учуонайдары көрсө үөрүйэхтэр, оҕолор билиилэрэ, кэпсии-ипсии, дьону кытары алтыһа, сатаан кэпсии үөрэнэллэрэ – туспа үөрүү.
Ооҕуй оҕус дьикти харамай
Киһи тыла өҕүллүбэт ааттаах ооҕуй оҕустар Сахабыт сиригэр даҕаны бааллар – теридон, филодромус…. Кылыйар ооҕуйдар да бааллар. Улитканы эмиэ үөрэтэн кэтээн көрөллөр, 2016 сыллаахтан. Токо сухопутнай улиткатын….
Кулун атаҕа күөлгэ үүнэр
Олус да кэрэ, маҥан сибэкки ууттан быган турарын көрүү сэдэх хартыына. Түөрт муннуктаах кувшинка – уу сардааната.
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр сылгыһыт Марк Лиханов үчүгэйкээн сибэккилээх күөлү булларбытын Прокопий кэпсээн батсаап бөлөхпүтүгэр суруйта. Оҕолор уруккуттан кэтээн көрөллөр эбит, учуонай-ботаниктар сорудахтарынан үлэлэһэллэр, «Флора Эркээни» диэн альбомҥа кэрэ хаартыскалары биэрэллэр. Кураан буолан уута чычаас буолан биэрдэ.
Хотойдор оҕолоруҥ бүөбэйдииллэр…
Хотойдор төрүүр-ууһуур тыаларын оҕолор уйгуурдубаттар, ыраахтан дөрүн-дөрүн аа-дьуо кэлэн билсэн бараллар, саас хаардаахтан саҕалаан. Сырыыны кыайар уолаттар сылдьаллар, дьоһун дьон. От ыйын 25 күнүгэр быйыл сайын Эркээни хочотугар оҕолор салайааччыларын кытары хотойдоругар тахса сылдьыбыттара, үргүппэккэ сэрэнэн тугу дьаһаналларын, кырачааннарын хайдах аһаталларын көрөн ааспыттара. Уот куйааска хотой оҕолоро уйаларыттан көһөн күлүктээх сөрүүн сири булан олохсуйбуттарын, онно төрөппүттэрэ кэлэн ас биэрэллэрин, дьабарааскы хаһаастаахтарын көрөн этэҥҥэ улаатан эрэллэринэн астынан төннүбүттэрэ. Аан бастаан ону орнитологиянан умсугуйан эрэр Айсен Борисов көрөр дьолломмута. Бу уолчаан сайын Амма улууһугар (уһуйааччыта Владимир Бочкарев) эдэр орнитологтар оскуолаларыгар баран дьарыктанан кэлбитэ. Бу күн кини хотой куорсунун булан үөрүүтэ үксээбитэ – сырылас уот куйааска ыраах сиргэ халтай хаампатаҕа.
Мичил Ноговицыны кытары уолчаан Эбиинчэҕэ тыытыкы уйаланар сиригэр сылдьыбыттара, көтөрдөрө этэҥҥэ төрөөн-ууһаан сайылаан эрэллэрин көрөн ааспыттара.
«Эллэйээдэлэр» учуонайдары кытары бу сайын элбэхтик алтыстылар. Еланкаҕа хоно сытан Москваттан академик Сергей Рожновы кытары элбэх буолан Маамыгар үрэҕэр сылдьыбыттара, эмиэ ситиһиилэнэн эргиллибиттэрэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта Ой карьерыгар баараҕай мамонт сэлии муоһун буллулар. Билигин онон палеонтологтар дьарыктаналлар (суруйан турабыт). Ити курдук, сайын туһалаахтык ааһан эрэр. Түмүллүбүт матырыйаалларынан аны кыһын чинчийии, үөрэтии үлэтэ салҕаныаҕа.
Людмила Аммосова.