Омук сирдэрин кэрийэбит, аттыбытыгар баары ситэ сыаналаабаппыт эбит. Хаҥаластар Сиинэ үрэҕин кэрэттэн кэрэ очуостарыгар үгүспүт сылдьа илик. Горнайдар Сиинэни биһиги үрэхпит диэн арбыыллар, үрэх устун айаны тэрийбиттэрэ уонунан сыл буолла. Онтон кинилэргэ үрэххэ түһүөххэ диэри тайҕанан бэрт эрэйдээх суолунан сырыы саҕаланар…
Хаҥаластар Сиинэбитин өҥөйөн олорон ситэ туһана иликпит. Туризмы тэрийиэҕи тэйиччи сиргэ уустуктардаах да буоллар, хоннохтоохтук дьэ хамсанан эрэр курдукпут. Олохтоох энтузиаст, араас сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан баран дойдутугар төннүбүт култуура үлэһитэ Лидия Яйлиян (Федорова) дьиэ кэргэнинэн ылсан үлэлээн эрэрэ үөрдэр.
Отой тугу да дьаһана илик этибит диир арыый сыыһа буолуо. Айсен Гоголев диэн эдэр киһи ылсыбыта хас да сыл буолла даҕаны, улахан өйөбүл, үп-харчы суоҕуттан ситэ сайыннарбакка олорбута, быйыл дьэ манна син базата тутуллан көхтөөх үлэ баран эрэрин көрөбүт.
Онтон Лидия Андреевналаах, олохтоох дьон, Үрэх уҥуоругар эргэ соҕус да буоллар дьиэлээхтэрэ, киэҥ-куоҥ тэлгэһэлээхтэрэ уонна син харчы мунньунуулаахтара, ону сэргэ киэҥ эйгэҕэ сылдьыбыттарынан, төрөөбүт нэһилиэктэригэр олоххо көхтөөхтүк кыттан суолу-ииһи хаалларбыттара, үгүс билсэр-көрсөр, өйөнөр дьонноохторо үлэни саҕалыырга төһүү буолар. Ону мин быйыл бэс ыйыгар Сиинэ үрэҕинэн устан көрөөрү өссө төгүл итэҕэйдим.
«Ямщицкое подворье» турбаазаҕа
Бааза аата Еланка түмэлин курдуга соччото суох дии саныыбын даҕаны, кырдьыга, барсар курдук — дьаам култууратын, үгэстэрин көрдөрөргө манна кыах толору баар буолан эрэр. Кыралаан да буоллар, тутуу бөҕөтө саҕаламмыта өтө көстөр: дьону сынньатан, хоннорон ааһар кыракый дьиэлэр, беседкэлэр, баанньык, кэнсиэртиир муннукка, биэрэккэ ыскаамыйаларга тиийэ, сибэкки клумбалара, араас мас, сэппэрээк, спортивнай тэриллэр… Эргэ дьаам дьиэтэ сөргүтүллэ сылдьар. Хаһаайка ыалдьыттары үөрэ-көтө көрсөр, итии чэйинэн, кофенан күндүлүүр. Тула — чыычаах эгэлгэ ырыата, сибэкки арааһа, үрүмэччи тэлээрэ көтөрө… Ырай дойдута!
Дьикти айылҕа абылыыр…
Биһиги, Сиинэ оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбыт дьон, турбазаҕа хоммотубут, сыалбыт үрэҕинэн устуу, Ыллыыр Хайалары көрүү, очуостартан үрэхпитин өҥөйөн өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүү буолан, тута сып-сап хомунан мотуордаах оҥочолорго олорсон Сиинэни өрө уһуннубут.
Лидиябыт кэргэнэ Арес бэйэтинэн тиэйэн илдьэр буолла, үрдэриллибит эрэһиинэ оҥочонон. Үрэхпит толору уулаах турар буолан, дьэ, элээрдии. Күммүт да чаҕылыччы көрөн туран биэрдэ. Иннибитигэр — кэрэттэн кэрэ айылҕа, ыраас уулаах сүүрүктээх үрэх, халлааҥҥа харбаспыт биир даҕаны бэйэтигэр маарыннаабат очуостар халҕаһалара. Үөһэттэн көрдөххө, Сиинэ үрэҕэ эрийэ-буруйа барарынан, күнэ өрүү кэриэтэ арҕааттан тыгар курдугунан фотографтарга олус табыгастаах (бу чааһыгар Өлүөнэбит очуостара баһыйтараллар, манна күн хайалар сирэйдэригэр эбиэт кэнниттэн эрэ тыгар, сарсыардатын күлүгүрэн көрсөр). Онтон Сиинэнэн устан истэххэ ити үрэх эргиирдэригэр уубут бүтэр уһуга көстөр — утары хайа, ойуур бүөлүүр курдук, онтон салгыы аны атын эҥэринэн хайаларбыт саҕаланаллара дьикти үчүгэй. Ол быыһыгар уу кырсынан кустар көтөн сарыкынайаллар…
25-с килэмиэтиргэ туристары сынньата түһэн ааһар миэстэлээхтэр эбит. Очуостарга тахса сылдьыахха син, сарсыардаттан айаннаабыт дьон үссэнэ, сынньана түһэригэр бириэмэ бэриллэр. Манна кулуһун оттор көҥүллэммэт, биһиги бэйэбит аҕалбыт уубутун иһэн, аспытын аһаан тыын ылан баран хайаҕа дабайдыбыт.
Ыллык суол омоонунан — очуостарга
Дьэ сылаалаах дабайыы! Ыйынньык, сэрэтии сурук эҥин, сорох туруору сирдэргэ тардыһан тахсарга саатар быа эҥин баайан, олорон сынньана түһэргэ дүлүҥ оҕото да суох эбит (наада дии санаатым, араас доруобуйалаах дьон дабайарынан).
Билигин биһиэхэ туризмы тэрийиигэ барыта кыалла илик. Өлүөнэ очуостарыгар ити оннун булан турар, ардыгар инструктордар, гидтэр даҕаны туристары арыаллыыллар, дабайыылаах ыллыктарга сынньанан ааһар муннуктар бааллар о.д.а. Сиинэлэрбитигэр бу дьыала ити кэлин оннун булара ирдэнэр. Уопсайынан, очуостарбыт олус үрдүктэр, туруорулар, алҕаска сыыһа туттан аллара диэки күрүлүү туруохха син курдук, ордук куһаҕан атах таҥастаах буоллаххына, ардах-дьаппах халтырааҥ күҥҥэ, таҥаскыттан ол-бу лабааҕа эҥин иҥиннэххинэ…
Фотографтарга сэрэхтээх — үчүгэй ракурсу сырсан (үөһээттэн үрэҕи, халлааны хаптаран түһэриигэ очуос үрдүгэр икки миэтэрэ курдук кэтиттээх кыараҕас сиргэ сыыһа туттуохха син эбит дии санаатым). Манна экскурсияны тэрийээччилэр болҕомтолорун ууруохтарын наада, иэдээн буоларын кэтэспэккэ. Онтон үөһэттэн көстүү — мааны. Киһини долгутар хартыына!
Ыллыыр Хайалар манна эрэ бааллар
Салгыы Ыллыыр Хайаларга айаннаатыбыт, 47 килэмиэтирдээх сиргэ, Горнай улууһугар тиийэ сыһан. Хайабыт «ыллыырын» истибэтэрбит даҕаны, астынан төнүннүбүт, сөтүөлээн, сонун очуостары көрөн. Бириэмэлээх киһи балыктыа эҥин эбит… Биһигини кытары кыраайы үөрэтээччилэр, Сиинэ, былыргы Агдаакы нэһилиэгин чинчийээччилэр, бу дойду историятын үөрэтэн-ырытан хас даҕаны кинигэни таһаарбыт дьүөгэлэрбит Галина, Юлия Шадриналар, ону сэргэ бу нэһилиэк оскуолатыгар өр сылларга учууталынан үлэлээбит Антонида Васильева сылдьаннар араас номохтору кэпсээннэр билиибитин хаҥаттылар, гид да наадата суох буолла.
Маннык айаны тэрийиигэ итинэн сибээстээн бу хайысханан үлэ эмиэ тэриллэрэ эрэйиллэр, араас буклеттары таһаарыы, тарҕатыы хайаан да наада. Тоҕо бу хайалар «ыллыыр» диэн ааттаммыттарын туһунан, тааска суруктар историяларыттан, араас үһүйээннэр тустарынан, Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыл-көтөр, үүнэээйи, хамныыр-харамай — билиитин хаҥатыныан баҕарар киһиэхэ барыта интэриэһинэй. Дьон сөтүөлүү, сынньана, ыраас салгынынан тыына эрэ кэлбэт буоллаҕа.
Лидия Яйлиян саҥа дьыалата
Лидия Андреевнаны билбитим ыраатта, Сиинэҕэ «Реченька» ансаамбылы Приморьеттан кэлэн салайан саҕалаабытыттан ыла. Оччолорго энтузиастар, дьаамсыктар сыдьааннара, ону кытары Россия араас күбүөрүнэлэриттэн манна олохсуйа кэлбит бааһынайдар, этэргэ дылы, төрүттэрин ырыаларын, үҥкүүлэрин, үйэлэртэн илдьэ сылдьар үгэстэрин кэлэр көлүөнэҕэ чөл хаалларар, билиһиннэрэр сыалтан фольклорнай ансаамбылы тэрийбиттэрэ. Лидия Яйлиян, Приморьеҕа улахан хуору салайа сылдьыбыт анал үөрэхтээх киһи, дойдутугар кэлээт тута кэлэктииби саҥа кэрдиискэ таһаарбыта, дьоммут хас да куолаһынан ыллыыр буолтара, репертуарга, сыанаҕа тутта-хапта сылдьарга, көстүүмҥэ улахан болҕомто ууруллубута. «Реченька» норуодунай ааты ылта, онтун билигин да сүүрбэ сылтан ордук үлэлээн бигэргэтэн кэллэ.
Таарыччы эттэххэ, ыаллыы сытар Үөдэй сэлиэнньэтигэр Антонина Калыткина аан бастаан маннык хайысхалаах «Вечорка» диэн ансаамбылы тэрийбитэ, устунан сир-сир аайы энтузиаст Анатолий Добрянцев көҕүлээһининэн хамсааһын сайдан «Потомки государевых ямщиков» Россияҕа биллэр өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ баар буолта. Бу дьыала оннуттан хамсааһыныгар кэлин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ ааты ылбыт Лидия Яйлиян, уопсайынан, Сиинэ «кыргыттара» Ирина, Юта Стрекаловскаялар, Якушевалар, Еланкаттан Соколовтар, Өлүөхүмэттэн Кулагиннар о.д.а. төһүү күүс буолбуттара. Лидия Андреевна СӨ ИДьМ култуура дьиэтигэр үлэлии сылдьыбыта, хас даҕаны саҥа ансаамбылы тэрийбитэ Саха сиригэр эрэ буолбакка Россия эбэ хотуҥҥа биллибитэ. Дьэ, бу маннык олоххо көхтөөх киһи билигин дьиэ кэргэнинэн турбаазаны төрөөбүт Сиинэтигэр салайан эрэр.
«Ямщицкое подворье», дьиҥинэн, туристарга киэҥ хабааннаах өҥөнү оҥорор. Ол туһунан турбаза инстаграмҥа сайтыгар @turbaza.sinskie_stolbi, Лидия Яйлиянтан — 8924-867-37-36 төлөпүнүнэн сиһилии билсиэххитин син.
Сайаапкаларынан хастыы да күннээх туурдары тэрийэллэр, 2-4, 8 киһини хоннортуур дьиэлэрдээхтэр (онно утуйар таҥаһы эҥин биэрэллэр, уунан, туспа төлөбүргэ сибиэһэй аһынан да хааччыйаллар), баанньык о.д.а. барыта баар. Уһун соҕус, ардыгар эрэйдээх да буоллар айаҥҥа тырааныспарынан илдьэллэр-аҕалаллар. Ол курдук, күнтэн-дьылтан көрөн биэрэгинэн, уунан Дьокуускай куораттан кытары тиэйэн аҕалаллар.. Онтон үрэҕинэн устууга, кэрэ сирдэргэ, таас хайаҕа суруктарга, күрүлгэннэргэ сылдыыга ким ханна тиийэ барарынан өҥөнү оҥороллор, сэп-сэбиргэл биэрэн балыктаталлар, велосипедынан айан эмиэ тэриллэр.. Манна икки ПВХ водометтаах, икки винталаах мотуордаах оҥочолоохтор. Ону сэргэ дьон фольклорнай ансаамбылы ыҥыран көрсүһүөхтэрин, дьаамсыктар култуураларын билсиэхтэрин син. Уот-күөс, интернет баар.
Үөһээ ахтыбыт бүччүм санааларбын Лидия Андреевнаҕа тириэртим, учуоттуохпут диэтэ уонна Дьокуускайтан араас турфирмалары кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээн эрэллэрин кэпсээтэ. Үрэххэ устарга туристарга инструктаж ыыталларын, билигин уу түһэн эрэрин, Сиинэ үрэҕин сирэ-дойдута «Өлүөнэ Туруук хайалара» национальнай пааркаҕа киирэринэн ураты быраабылалар баалларын, аара иниспиэктэрдэр ааһар айанньыттары бэрэбиэркэлииллэрин, быһааран биэрдэ.
Саха сирин тыйыс килиимэтигэр туризмы тэрийии уратылардаах. Сиинэ үрэҕэр холобур, сүнньүнэн сайынын элбэх киһи сылдьар. Ол эрээри кыҺыҥҥы туризмы тэрийиигэ да санаалар бааллар, кыһыҥҥы дьону түһэрэ дьиэлэр эҥин сотору кэминэн баар буолуохтара турар.
Хаҥалас туризм киинигэр кубулуйуо диэн бигэ эрэллээхпин. Билигин биһиги улууспутугар сир-уот ылан туризм эбийиэктэрин тутуу балысханнык баран эрэр. Бу хамсааһыҥҥа хаҥаластар кыттыылара бытаан. Соторутааҕыта Покровскайга Эдьиий Дуора саҥа тахсыбыт кинигэтин билиһиннэрэ суруйааччы Евдокия Иринцеевалыын кэлэ сылдьыбыта. Онно дойдуга-сиргэ сэрэхтээх, харыстабыллаах сыһыан эрэйиллэрин, сиэр-туом өрүү тутуһуоллуохтааҕын, хотугу айылҕа уратылардааҕын, дойдубут тэпсилгэн буоларыттан сэрэниэхтээхпитин этэн ааспыта.
Юлия Аммосова видео-түһэриитэ.
Людмила МОРДОВСКАЯ