Бары бииргэ
Байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө тиһигин быспакка салҕанар. Күн бүгүн улууспутугар көмөҕө кыттыспатах нэһилиэк, тэрилтэ, ыал да суох буолуохтаах.
Бу күннэргэ Төхтүр нэһилиэгин “Саһарҕа” пенсионердар түмсүүлэрэ Култуура киинигэр мустан харыстанар сиэккэ баайан саҕалаатылар.
— Сэтинньи ыйга Хаҥалас улууһуттан Анал байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр ыччаттарбытын кытта көрсө дэлэгээссийэ барыахтаах, онуоха диэри биһиги бу харыстанар сиэккэлэри баайан бэлэмниир соруктаахпыт. Бу үтүө дьыалабытын саҕалыырбытыгар олохтоохторбут улахан көмө буоллулар. Ол курдук, Илгийээнэ, Евгений Колесовтар дьиэ кэргэннэрэ буор-босхо сиэккэ биэрдилэр, оттон анал таҥаһынан «Хахсык» ТХПК салайааччыта Тамара Осипова хааччыйда. Онон ийэлэр, эбээлэр күн аайы мустаммыт илиибит сылааһын иҥэрэн, алҕаан, биир санаанан кыайыы туһугар сиэккэ баайабыт, — диэн Мотрена Ефремова, “Саһарҕа” түмсүү салайааччыта, нэһилиэккэ көмөнү көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ кэпсээтэ.
Ольга Гермогенова.