Оҕолор экспедицияларын тэрийбитэ Кыһыл Үрүйэҕэ

Наукаҕа айан

Ытыктыыр убайым Никита Соломонов олоҕун наукаҕа анаабыта.

Биһиэхэ Кыһыл Үрүйэ оскуолатыгар 2019 сыллаахтан «Үрүйэчээн» научнай-чинчийэр экспедиция  үлэлиир буолбута. Никита Гаврилович лааҕыр арыллыытыгар хайаан да кэлэрэ, оҕолорго лекция ааҕара, онтон бэйэтин аспираннарын, эдэр научнай үлэһиттэрин ыытан үлэлэтэрэ. Бу сайыҥҥы үлэлэрин түмүгүнэн үөрэнээччилэр «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кытталлара. Ол курдук, Антипин Петя «Насекомые с наледи Булуус» үлэтинэн,  Антипин Ваня Никита убайым салалтатынан хас да сыл өрүспүт биэрэгин бөҕөргөтүү туһунан наадалаах үлэни суруйан араас ааҕыыларга,  салгыы устудьуоннуу да  сылдьан эмиэ НПК-ҕа кыттыбыта.

Оскуола оҕолоро Булуус үрэҕин кытыытыгар сардаана сибэкки олордон бүөбэйдээбиттэрэ. Никифоров Никита 2022 сылтан педагог Сарра Антипина салалтатынан  экспедицияҕа дьарыктанан «Инникигэ хардыыга» кыттан лауреат буолбута. Биологическай наука кандидата Альбина Бурнашова салайыытынан Покровскайдааҕы гимназияүөрэнээччитэ Константинов  Никита «Булуус — чудо природы« диэн дакылаатынан үһүс истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Кини Дьокуускайга Улахан географическай фестивалга   «Защитим берег родного села Красный Ручей«  диэн үлэтинэн үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр кыттыбыта, 2018 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэммитэ. Уолчаан  2021 сыллаахха  аан дойдутааҕы научнай ыччат форумугар ситиһиилээхтик кыттан салайааччытын Никита Гавриловиһы үөрдүбүтэ.

Убайым «Булуус» туристическай комплекспытыгар үгүс учуонайдары аҕалан ыалдьыттатара,  айылҕа хатыламмат кэрэ  миэстэтэ көмүскэллээх,  кэлэр көлүөнэлэргэ чөл хааларын туһугар олус долгуйара, элбэх оҕоҕо айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны, наукаҕа  интэриэһи  ииппитэ кэрэхсэниэн эрэ сөп.

Дарья Константинова (Соломонова), «Булуус» турбааза үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ.