Россия президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак иитинэн дойду эрэгийиэннэригэр 2020 сылтан «Земскэй учуутал» диэн тыа сиригэр уонна аччыгый куораттарга үлэлии барар учууталларга туһуланар федеральнай бырагыраама үлэлиир. Бу бырагыраама кыттыылаахтарыгар Уһук Илин уокурукка 2 мөлүйүөн солкуобай, онтон атын эрэгийиэннэргэ 1 мөлүйүөн солкуобай харчынан төлөбүр көрүллэр. Санатан эттэххэ, бырагыраамаҕа 55-гэр диэри саастаах учууталлар хапсаллар, кинилэр 5 сыл устата дуогабардаһан үлэлии бараллар.
Физика учуутала идэлээх Саргылаана Васильевна Семенова бу бырагырааманан улахан куонкуруһу ааһан билигин Үөдэй орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Кини биһиги улууска соҕотох «земскэй учуутал».
— Мин 2007 сыллаахха Саха государственнай университетын Физико-техническэй институтун үөрэнэн бүтэрбитим. Педагогическай үлэбин Дьокуускай куоракка Н.А. Алексеева ааптарскай оскуолатыгар саҕалаабытым. Манна үлэлии сылдьан, куорат сүпсүлгэниттэн салҕаммын, тыа сиригэр үлэлииргэ быһаарыммытым уонна Ньурба улууһугар көспүтүм. Маар, Ньурба 1-кы №-дээх оскуолаларыгар, кэнники алта сыл техническэй лицейгэ идэбинэн үлэлээбитим, — диэн 16 сыл үлэ ыстаастаах Саргылаана Семенова кэпсэтиибитин саҕалаата. — Бэйэм икки уоллаахпын, улаханым 9-с кылааһы бүтэрэригэр Дьокуускайга кадетскай оскуолаҕа көһөбүн диэн быһаарыммыта, онон киниэхэ чугас буолаары үлэлиир сирбин уларытарга соруммутум. Эрдэ «Земскэй учуутал» бырагыраама туһунан хаһыаттартан ааҕан билэрим, онон портофолиобын сөргүтэн, куонкуруска холонон көрөргө санаммытым. Куонкурус усулуобуйатынан кыттааччы билигин олорор уонна үлэлиир муниципальнай тэриллиитэ эбэтэр куорат уокуруга ылыллыбат диэн. Ол эбэтэр, көһөн үлэлии барар сириҥ билигин олорор сиргиттэн 200 килэмиэтиртэн тахса тэйиччи буолуохтаах. Мин предмеппинэн вакансия Хаҥалас улууһун Үөдэй орто оскуолатыгар эрэ баара. Куонкуруһу ситиһиилээхтик ааһан, Хаҥалас улууһун, үлэлиэхтээх нэһилиэгим, оскуолам туһунан интернет ситимигэр киирэн аахпытым, Дьокуускайтан чугас сытар улуус диэн сөбүлээбитим уонна Өлүөнэ очуостарыттан чугастыы сытар нэһилиэк эбит диэни сэргии көрбүтүм. Үөдэйтэн төрдүлээх дьүөгэм бу сир кэрэ айылҕатын, аламаҕай дьонун-сэргэтин туһунан эмиэ кэпсээбит буолан манна кэлэргэ бигэтик быһаарыммытым. Онон, ааспыт сыл балаҕан ыйыттан, Үөдэй оскуолатыгар физика, информатика учууталынан үлэлиибин.
— Саргылаана Васильевна, манна кэлбитиҥ үлэлиир, олорор усулуобуйаҥ хайдах эбитий?
— «Земскэй учуутал» ирдэбилигэр эппиэттиир усулуобуйа барыта тэриллибит этэ. Ол курдук икки хостоох, толору хааччыллыылаах, киин сылааска холбоммут квартира биэрбиттэрэ, онно биэс сылга дуогабардаһан олоробун, 2 мөлүйүөн солкуобай харчынан төлөбүрү ылбытым. Толору чаастардаахпын, кыра уолум 6-с кылаас, манна кэлэн саҥа кылааһын оҕолорун кытта тапсан, этэҥҥэ үөрэнэр. Онон болдьохпор толору үлэлиир баҕа да, былаан да баар. Соторутааҕыта саҥа таас оскуолаҕа көһөммүт үөрэнээччилэрбит, кэллиэгэлэрим сүргэбит көтөҕүллэн сылдьабыт. Үөрэнээччилэрим бары даҕаны билиигэ, саҥаҕа талаһар оҕолор, олус сөбүлээтим. Нэдиэлэҕэ биирдэ оҕо уһуйааныгар 4-6 саастаах оҕолору «Робототехника» куруһуогар дьарыктыыбын. Оскуолаҕа эмиэ «Робототехника», «Компьютерная грамотность» диэн куруһуоктары салайабын. Үлэбэр туттуллар наадалаах аныгы тэрил, компьютердар, лабораторнай оборудование барыта баар, онон оҕолорго үөрэтэр предмеппэр интэриэһи тардан, чинчийэр үлэҕэ уһуйан, инникитин Биир кэлим экзамеҥҥа физиканы, информатиканы талалларын курдук үлэлииргэ дьулуһуом.
Бу курдук тыа сиригэр хаачыстыбалаах үөрэҕи тэрийиигэ туһуламмыт бырагыраама, чахчы да, үтүө түмүктэрдээх буолуоҕар, оскуола үөрэнээччилэрэ чиҥ билиилэнэллэригэр, эдэр учууталлар баай уопуттаналларыгар тирэх буолуо диэн эрэнэбит.
Ольга Гермогенова.