Дьэр нэһилиэгэр, сайыҥҥы кэмҥэ сылгы сөрүүкүүр сирин оҥорорго анаан мас бэлэмнээһинигэр күргүөмнээх субуотунньук буолла.
Нэһилиэк баһылыга Егор Исаков тэрээһиннээх, кыайыылаах-хотуулаах үлэ туһунан бу курдук иһитиннэрдэ:
— Бу икки күн устата субуотунньукка уопсайа 21 киһи кытынна уонна 2 МТЗ-82 «Беларусь” тыраахтар үлэлээтэ. Былааннаабыт 100 устуука маспытын охторон, мутугун сулуйан, бысталаан, түрүлүөпкэлээн бэлэмнэммит мас 30% миэстэтигэр киллэрдибит. Хаалбыт, чөмөхтөммүт маспытын үлэ кэмигэр таһыахпыт. Сүрүн үлэтигэр, мас охторуутугар В.Петров, А.Крылов, И.Колесов, С.Исаков үлэлээтилэр. Тыраахтарынан С.Алексеев, Э.Ноев тастылар. Маһы холбоон биэрээччилэринэн С. Белоусов, Ф.Иванов, оттон мутугун сулуйууга Н.Соломонов, А.Кузьмин, А.Слепцов, Е.Макаров сырыттылар. Итини сэргэ төһүү күүһүнэн И.Васильев, В. Заморщиков, Ю.Ноев, Д.Матвеев уонна Д.Кондаков буоллулар. Маны таһынан субуотунньук дьонун Н.Аянитов, А.Белолюбскай массыынанан тастылар уонна минньигэс астаах эбиэти бэлэмнээтилэр. Онон биир киһи курдук үлэлээммит, субуотунньук сыалын ситтэ, — диэтэ баһылык.
Дьэр нэһилиэгэр сылгыны бааһынай хаһаайыстыбалар уонна кэтэх ыаллар бары кэриэтэ иитэллэр. Уопсайа нэһилиэк үрдүнэн 885 төбө сылгы баар. “Арҕаа сайылык” диэн сиргэ чарапчы тутуллар кыахха киирдэ, маһа бэлэмнэннэ. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, бу ый 11 күнүгэр дьаһалта дьиэтигэр мустан сүбэлэспиттэрэ, быһаарыы ылыммыттара. Эппит тылларын толордулар, дьыаланы быһаардылар.
Уйбаан УЙГУУРАП.