Дойдуга уларыта тутуу, саҥа былаас кэлбитэ. Ити 90-с сыллартан саҕалаан ырыынак ыар тыына тыа сирин олохтоохторугар үгүс кыһалҕалаах дуу, эбэтэр сөптөөх үлэ хайысхата дуу салаллан күүскэ киирэн барбыта. Ньиргиччи үлэлээн олорбут сопхуостар ыһыллан суох буолбуттара. Эмискэччи үлэтэ суох буолуу элбээбитэ. Бэйэни бэйэ салайыныыга көспүппүт. Сүөһү- сылгы иитиитигэр бастакы бааһынай хаһаайыстыбалар сир-уот ылан тэринэн, бэйэ оҥорон таһаарар дохуоттаах буолуутугар хантан да көмөтө суох бэйэлэрин толкуйдарынан үлэ үөһүгэр түспүттэрэ.

 

Мин бүгүн кэпсиир киһим — Людмила Петровна Желобцова-Захарова буолар. Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх эдэркээн кыыс, Дьокуускайдааҕы педогогическай 2-с №-дээх училищены бүтэрээт бииргэ үөрэммит олохтоох уолга Радион Алексеевичка кэргэн тахсан, кийиит буолан Төхтүргэ кэлбитэ уонна олохтоох оскуолаҕа музыка учууталынан үлэлиир. Ырыа-тойук куттаах, түргэн туттуулаах, барыга бары дьоҕурдаах, нэһилиэк общественнай, култуурунай олоҕор көхтөөх Людмилата суох биир да тэрээһин буолбат.

90-сыллар историческай кэрчиктэрэ хас биирдии тыа ыалын таарыйбыта. Эдэр дьиэ кэргэн сүөһүнү иитии ыарахан үлэтиттэн чаҕыйбатахтара, өбүгэлэриттэн сиэтиллэн кэлбит сүөһүлэрин суох оҥорботохторо. Сайынын оттоон, кыһынын оскуола түбүктээх үлэтин быыһыгар сүөһүлэрин көрөннөр, дьыл баччатыгар дылы төбөлөрүн элбэтэн, Мэҥэ Хаҥаластан атын боруода сүөһү аҕалан хаһаайыстыбаларын кэҥэттибиттэрэ. 2015 сыллаахха тэриллиилээх хаһаайыстыба ааттанан, бэйэ иҥэмтэлээх аһынан хааччынар соругу туруорунан күн бүгүн үлэлии-хамсыы олороллор.

Быйылгы сылга 165 га оттуур ходуһаттан 1100 рулон 300-тээх сүөһү сиир аһын оттоотулар. Сайын устата 50 т үүтү «Хаҥалас-Ас» собуотугар туттаран, дохуот аахсан кыстыкка киирдилэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэриллиилээх хаһаайыстыбалары өйүүр бырагырааматыгар үлэлэһэн 1,5 мөлүйүөннээх граҥҥа тиксэн «Беларус” тыраахтар ылбыттара.

Хаһаайыстыба билигин үс үлэһиттээх. Людмила бэйэтэ үрүҥ-хара үлэттэн толлон турбат, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, нэһилиэккэ ынах сүөһү ахсаана аҕыйаабатын туһугар кэтэх хаһаайыстыбалартан ыанар ынахтарын кыстык кэмигэр көрөр, онон дьон-сэргэ махталын ылыан ылар. Кини хаһан да иллэҥ сылдьыбат: сарсыарда тахсар күнү көрсө үлэтэ саҕаланар уонна киэһэ, тыҥ хатыыта, түбүгэ түмүктэнэр.

Людмила Петровна А.Д Широких аатынан Төхтүр орто оскуолатын тутаах үлэһитэ, музыка учуутала, хомуска тардыы абылаҥар кэнчээри ыччаты уһуйар. Ардыгар, быыс булан иистэнэр массыына иннигэр олорон үөрэтэр оҕолоругар араас таҥас тигэн көрүү күрэхтэргэ кытыннарар. Захаровтар үс кэрэчээн кыргыттардаахтар, биир сиэн эйэҕэс эбээтэ бу курдук үлэ үөһүгэр сылдьар.


Сахалыы куттаах, ырыаһыт-тойуксут Людмила Желобцова-Захарова бу курдук өбүгэлэрбит дьарыктарын салҕаан, хороҕор муостааҕы аҕыйаппат туһугар күннэтэ сыралаһар. Кини сибиэһэй бэйэ оҥорон таһаарбыт аһын астаан оҕолорун, чугас аймах-билэ дьонун хааччыйар.

Мотрена Ефремова, култуура үлэтин бэтэрээнэ, Төхтүр с.