Нэһилиэктэргэ
Тиит Арыы нэһилиэгэр самаан сайыны уруйдуур уйгу-быйаҥ ыһыах ыытылынна. Төһө да ардахтаан ыллар,«Утумнааҥ норуоппут төрүт үгэстэрин» диэн биир дойдулаахпыт, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бочуот знага уордьан кавалера, Тиит Арыы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Михаил Дмитриевич Фёдоров — Ырыа Миисэ төрөөбүтэ 95 сааһыгар анаммыт ыһыахха нэһилиэк дьоно-сэргэтэ үөрэ-көтө муһунна.
Ыһыахха маанылаах ыалдьыттарынан Ырыа Миисэ сиэн балтылара Лидия Евсеева кэргэнинээн Валерийдыын, Татьяна Кычкина, Людмила Фёдорова уонна Дьокуускай, Покровскай куораттартан М.Д Фёдоров-Ырыа Миисэ уус—уран ансаамбылын кыттыылаахтара, биир дойдулаахтарбыт — 84 саастарыгар сылдьар ытык кырдьаҕастарбыт Прасковья Спиридонова (Рожина), кини сахалартан бастакы дипломат, биир дойдулаахпыт Иван Рожин (Тиит Арыы орто оскуолатын краеведческай музейа кини аатын сүгэр) бииргэ төрөөбүт балта буолар уонна Прасковья Парникова (Федотова), Зоя Федотова Покровскайтан ыалдьыттаан мустубут дьону сэргэхситтилэр.
Түһүлгэ үөрүүлээх алгыһын СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Екатерина Ефремова толордо.Оһуокай кэннэ олохтоох дьаһалта баһылыга ГригорийЛукин, баһылык солбуйааччыта Софья Кузьмина, кулууп, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Ырыа Миисэ аймахтара тэрийбитбаай-талым сахалыы астаах сандалыларын тула олоронсылабаардаах итии чэй иһэн, быырпах амсайан ирэ-хоро кэпсэттибит, уруккуну-хойуккуну ахтыһан аастыбыт. Ырыа Миисэ чугас дьоно кини салалтатынан хайдах 1957 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы фестивальга бэлэмнэнэн кыттыбыттарын, космонавт Валерий Быковскайы көрсүбүттэрин кэпсээбиттэрин сэргии истэ олорон бу ытык кырдьаҕастар кэпсээннэрин устан үйэтитиэххэ уонна оччолорго кэтэн кыттыбыт таҥастарын билигин ансаамбыллар тиктэн сөргүтүөхтэрин сөп эбит дии санаатым. Үтүө дьыаланы култуура үлэһиттэрэ ылсыахтарын наада, бу барыта нэһилиэк историята буолар.
Ыһыах оонньуута-көрө суох ааспат, онон бу күн фольклорга, норуот ырыатыгар, үҥкүүгэ, хомуска күрэх тэрилиннэ. Ол курдук, норуот ырыатыгар Чкаловтан “Күбэйэ” ансаамбыл бастаата, үҥкүүгэ оҕолор ортолоругарТиит Арыыттан Арина Сеялова «Дьөһөгөй” үҥкүүтүнэн кыайыылаах буолла. Улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн үҥкүүгэ «Кэрэл” ансаамбыл (Чкалов) бастакы миэстэни ылла.Хомуска оҕолорго Виолетта Федотова (Тиит Арыы), улахан дьоҥҥо Лия Давыдова (Булгунньахтаах) тэҥнээхтэрн булбатылар. Оһуокайга оҕолорго Арина Сеялова, улахан дьоҥҥо Ньургун Давыдов (Булгунньахтаах) кыайыылаах буоллулар.
Хапсаҕайга, мас тардыһыыга, атах оонньуутугар уонна таас көтөҕүүгэ боотурдар оонньуулара дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыан ылла. Манна олохтоох уолаттар Анатолий Петров, Геннадий Макаров, Константин Шнипов, Чкаловтан КириллФедотов, Тумултан Анатолий Иванов, Денис Иванов, Дьулус Ноговицын, Нөмүгүттэн Александр Мушниковкытыннылар. Уопсай түмүгүнэн 1 миэстэ Анатолий Петров, 2-с миэстэ Анатолий Иванов уонна 3-с Константин Шнипов буоллулар.
Былааннаммыт тэрээһиннэр бары ыытылыннылар. Дьон бары олус көхтөөхтүк кыттыбыттара үөртэ. Кулууп барыүлэһиттэригэр, дириэктэр Александра Ноговицынаҕа, Чкаловтааҕы култуура киинин салайааччытыгар Марина Трифоноваҕа, эдэр ыччаттарга, олохтоох дьаһалтаҕаыһыаҕы тэрийэн ыыппыттарыгар, ыһыах маанылаах аһын — үтэһэлээх эти, сылгы иһин бэлэмнээн хорчуоппаҕа кыттыбыт биир дойдулаахтарбар барҕа махтал тылларын этэбин. Уйгу-быйаҥ ыһыаҕынан, дьонум—сэргэм! Дьоллоох буолуҥ, этэҥҥэ олоруҥ!
Маргарита Кузьмина, Тиит Арыы с.