Үс доҕордуулар — Куттааскы, Ылдьаа, Бүөтээн

Ааспыт үйэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа олохтонуута, оннун булуута элбэх дьон дьылҕатыгар охсубута. Ол туһунан биһиги аҕааччыларбыт үгүстүк суруйаллар. Бөртө Уолун суруйуута олортон биирдэстэрэ. Номоххо киирбит Боссоойко туһунан кини өссө 2022 с. сайын хаһыаппытыгар ыстатыйа ыытан турар. Бүгүн кини биир дойдулаахтарын туһунан салгыы суруйуутун бэчээттиибит.

Били Бөртө үс бэлиэн түбэспит киһилэриттэн баппыыска ылан бараннар Байкалаптаах биир ырыган аты биэрэллэр уонна дьиэлэригэр ыыталаабыттар. Сассыарда эрдэ тураннар Иванов П.Д. — Бүөтээннээх били биэрбит аттарын ыланнар Амчаахтыыллар. Борой оҕонньор миинэн кэлбит ырыган аттарын илдьэ барбыт атын оннугар ылабын диэн уолугар кытаанахтык этэр уонна сассыарда Дьалаанкаҕа диэри дьоҥҥун тириэрдэн

биэрээр диэн дьаһайар. Сассыарда туран Бүөтээн атын аты ылан сыарҕаҕа көлүйэн дьонунаан айаҥҥа туруналлар, алта көс кэриҥэ баара буолуо.

КиэҺээ Дьалаанкаҕа тиийэн Соколов Г.В. — Куттааскыларыгар хоноллор. Сассыарда тураннар Бүөтээн Амчааҕар төмнөр, онтон Куттааскы Григорьев И.П. — Ылдьаакатын Тойон арыыга тириэрдиэх буолан хаалаллар. Бүөтээн аҕатыттан улахан мөҕүллүү кэнниттэн булдунан дьарыктанар, онно манна кыттыспакка, бултуур ыырыттан ырааппакка сырытта.

Бүөтээн дьонноро үөрэҕэ суох, үйэлээх саастарыгар сүөһү, сылгы ииттинэн, булдунан дьарыктаммыт, төрөөбүт оҕолоро тыыннаах буоларын туһугар хачыгыраспыт өбүгэлэрин саҕаттан Амчаахха бур-бур буруо таһаарынан олорбут маннааҕы олохтоох саха дьоно.

Бу түгэн кэнниттэн өссө биир сыл үрүҥ-кыһыл сэриитэ буолар, онно бэлиэн сылдьыбыт биҺиги үс киһибит онно-манна кыттыспакка дьиэлэригэр үлэлээн этэҥҥэ сырыттылар.

Саха сиригэр буолбут гражданскай сэрии түөрт сылтан ордук барбыта. 1923 сыллаахха бэс ыйыгар сэбиэскэй былаас этэрээттэрэ үрүҥ баанда тиһэх тобохторун бүтэһиктээхтик эспиттэрэ. Дьон-сэргэ өйдөрүн-төйдөрүн буланнар саҥа былаас тугу дииринэн үлэлээн-хамсаан олохторо арыый тупсан барбыта.

Конфедералистар хамсааһыннарыгар кыттар

Күн дьыл, кэм кэрдии ким эрэ ыксатарын курдук суҺаллык элэҥнэтэн ааһан иһэр, номнуу 1927 сыл буола охсор. Ити сыл арҕаа Хаҥаласка конфедералистар хамсааһыннарын туҺунан дойду аайы иһиллэр буолан барар.

Сэтинньи ый буолар, өрүстэр тоҥон аттаах киһини уйар буолбутунан сырыы саҕаланан барар, ону кытта тэҥҥэ конфедералистар кэлиилэрэ-барыылара үксүүр. Бастыҥы айалаачылар Бор алааһыгар мунньустан мунньахтарын ытыахтаахтар, аны бары онно дьулуҺаллар. Кирилэп этэрээтэ Покровскайтан саҕалаан лааппылары халаан Борго тиийэллэрин быһаарбыттар, онтон Оморусов Малдьаҕардартан этэрээтигэр элбэх киһини холбообут уонна Иһит, Дьэкимдэ, Булгунньахтаах лааппыларын халаан тийиэхтээх этэ.

20 киҺилээх Боссоойко этрээтэ Мэҥэттэн Хачыкаакка кэлэр, онтон Тойон Арыынан, Дьалаанканнан, Тиит Арыынан, Хатыҥ үрэҕинэн, Мытааҕынан дьон хомунан Борго тиийиэхтээх, Тойон Арыыттан этэрээккэ Боссоойкону билэрдии Ылдьаака биир киҺилиин холбоһоллор, Дьалаанкаттан Боссоойко билэр киһитин Куттааскыны көрөөт, 1922 сыллааҕы Орто Суртааҕы түгэни санатан  туран, этэрээтигэр киллэрэр.

Борго конфедералистар мунньахтарыгар 200-тэн тахса киһи мустар, салайааччынан Павел Васильевич Силипиэнтэби биир киҺи курдук талаллар.

Конфедералистар хамсаһыннарыгар элбэх үөрэхтээх саха интелигенсийэтэ баара, кинилэр Саха сирин төрүт сокуонугар уларытыылары киллэттэрэн РСФСР-тан арахсан, туһунан сэбиэттэр уураахтарын таһааттаран РСФСР-га Дуогабарынан кириини туруоссаллар. Партия бырагырааматын 9-с параграбыгар уонна Төрүт Сокуон сорох ыстатыйаларыгар, маны таһынан партия X-XI-c сийиэстэрин уураахтарыгар олоҕураллар.

Торуойка бэрэссэдээтэлэ Д. Буда Саха сирин Сэбилэниилээх күүстэрин главнокомандующайынан ананар уонна конфедералистар утары араас албаһынан күүскэ киирсэн барар.

200 киһилээх Строд этэрээтэ бастаанньалааччылары кэннилэриттэн тилэх баттаһа сылдьан тугу да ситиспэтэ. Онон Будалаах албынныыр ньыманы туттарга быһаарынныллар.

Бастаан былаастар салайааччыларын Силипиэнтэп Байбалы аҕатынан улахан эрэннэриилээх суругу ыыталлар, онон куоракка ыҥыраллар, онтон киирбитин кэннэ тутан ылан хаайыыга быраҕаллар. Ол кэнниттэн конфедералистар этэрээттэрин аайы эмиэ улахан мэктиэлээх, сааҕытын ууран биэрдэххитинэ барыгытыгар амнистия көрүллүө уонна атын да этиилээх, элбэх ис хоһонноох суруктаах анал дьоннору ыыталыыллар.

Ол курдук, этэрээттэр Будалаах улахан мэктиэлээх суруктарын итэҕэйэн сааларын ууран биэртэлииллэр. Ити кэнниттэн салайааччыларын уонна интеллигиэнсийэ өттүн тутаннар куоракка хаайыыга утаартыыллар.

Дьэ, бу түгэн кэнниттэн ордук Арҕаа Хаҥалас улууҺугар ГУПУ үлэһиттэрэ сыбыытастылар, конфедералистарга сылдьыспыт уонна кыттыгастаах дьону тутаттыы.

1928 сыллаахха, бадаҕа, кулун тутар ый бүтүүтэ, Амчаахха Бүөтээн үрдүк аатыгар икки ГУПУ киһитэ кэлэллэр. Бүөтээн бултаан кэлэн чэйдии олорбут, икки киҺи көтөн түһээт бэстэлиэттэрин таҺаараат “Дьэ, табаарыс Иванов, тутулуннуҥ! Илиигин өрө уун!”,- диэн, киҺибитин ууга-уокка түһэрбиттэр.

— Эн, Иванов, Оморусов бандьыыты саһыаран ас таҺан аҺатар үһүгүн, дьэ билигин сирдээ, ханна олорор сиргэр, ол-бу буолуоҥ даҕаны ытан кэбиһиэхпит», диэбиттэр.

ГУПУ дьонун, Бөртөттөн Амчаахха дылы балайда ыраах сир, ким сирдээн таһаарбыта биллибэт. Кэтэмэ биир салаатыгар баар үүтээнтэн Оморусовы туталлар уонна Бүөтээни эмиэ таарыйа куоракка илдьэ киирэллэр. Бөртө кырдьаҕас Ивановтара ол Оморусов саһан олорбут үтээнэ турбут үрэҕин “Оморусов үрэҕэ” диэн ааттыыллар этэ. Оморусов Бөртөҕө ойоҕунаан учууталлыы сылдьыбыттар, онон Бүөтээн билэрдии саҺыаран олордубут буолуохтаах.

Куоракка киллэрэн Бүөтээни уопсай хаамыраҕа анньаллар, онтон Оморусовы оһуобай хайыылаахтар хаамыраларыгар угаллар. Бүөтээн киирээт биир дойдулаахтарын Куттааскыны уонна Ылдьааканы көрө биэрэр, онон санаата көтөҕүллэр.

Ол саҕана былаастарга тыллаан, хобулаан биэрээччи элбэх буолара, онон түбэспит дьон баһаам этилэр.

«Торуойка» уурааҕынан

Элбэх конфедералистарга кыттыспыт интеллигиэнсийэни ыталлар уонна салайааччыларын барыларын кэриэтэ өлөртүүллэр.  Онтон үрүҥнэргэ сылдьыбыттар  үксүлэрэ 1922 сыллаахха 8-10 сыл ГУЛАГ хаайыытыгар барбыттара. 1928 сыл бэс ыйын саҥатыгар биир борохуот дьону аналлаах сирдэригэр этаптыыллар.

Бу дьону бастаан Иркутскайга пересыльный диэн хаайыы бараахтарыгар симэллэр.

Нэдиэлэ курдук буолан баран араас дойду аайы ханна хаайыы баар сиригэр 50-100 киһи гына-гына этааптаан истилэр.

Биир түүн киирэннэр барааччылары нүөмэрдэринэн ыҥырталаан бардылар, онно биһиги дьоммут эмиэ хата бииргэ түбэстилэр,  «таҥара баар эбит, биһиги туспутугар», — дэстилэр доҕордуулар.

Соловки арыытыгар

Бу барааччылары, 80 киһини, Соловки арыытыгар, аараттан хас да сиртэн эмиэ холбоон барыта 500-кэ киһини тириэрпиттэрэ. Кэлбит сирдэригэр, дьэ манна баар эбит — ынырык дойду. Барытын күүс, сутурук, баламат быһыы быһаарар эбит, онно эбии өссө харабыллар, надзираатэллэр атаҕастабыллара. Манна көҥүлгэ сылдьар курдук буолуо дуо? Күн-дьыл аастаҕын аайы эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын иинэн-хатан, эстэн-быстан, ыран-көтөхтөрөн киҺи аатыттан ааһан барбыттара, ким да өйүүр, өрөһүйэр киһитэ суох дойдута.

Хата, Куттааскылаах буоланнар, Ылдьакаалаах Бүөтэн дьон атаҕастааһыныттан харысхаллаах курдуктара. Куттааскы бэйэтин лаппа кыанар чиэппэр кэриҥэ күүстээх, үрдүк уҥуохтаах сахатыйан хаалбыт нуучча киҺитэ, төрүттэрэ кэлии дьаамсыктар этилэр.

3-4 сыл буолан баран кинилэр хаһаарымаларыгар бэйэтин билиммит улахан кыахтаах уголовник гиэнэ аҕыс кырыылааҕа баар буолбута. Кэллэ кэлээт ас түҥэтиитин баҺылаабыта. Барытын сутуругунан быһаарар, азиат сирэйдээхтэр ас тобоҕор тиксэр буолбуттара, ону даҕаны тигистэххинэ. Ким эрэ утары саҥардаҕына тоһун ылара, эн кимҥэ да үҥсэн кырдьыгы булбаккын. Итинник уголовник тула шестёркалара, чаҕардара элбэх буолаачы.

Ити курдук сыл аҥаара ааһар, били киһийдэх айбардыаҕыттан ылата, дьон бөҕөтө күн аайы өлөрө, аччыктаан, охсуһан бэйэ-бэйэлэрин өлөрсөллөрө, оһолго да түбэһэн.

Куттааскыга хаайыы блатнойдара этэллэрэ: “Тоҕо эн ити чукчалары кытары ньэккэлэһэҕин, көмүскэһэҕин, хата, биҺиэхэ кыттыс» дииллэрэ. Куттааскы этэрэ:  «Мин биир дойдулаахтарым уонна табаарыстарым!» онон эппиэтэ бүтэрэ.

Хаайыылаахтарга  «доходьаагалар» кэккэлэригэр киирсээччи элбэх буолааччы, кинилэр истэригэр биһиги дьоммут эмиэ бааллара.

Ылдьаака дойдутугар саҥатынан биллибит киһи, онтон Бүөтээн — дьээбэтинэн. Ол кырдьыктара хаайыыга да тахсара. Ону нуучалыы билбэттэрэ уонна Куттааскылара элбэх араас түгэннэртэн быыҺаан ылаттыыра.

— Ылдьаака күн аайы Куттааскыны сулуйара элбээн истэ  «Эн бачча кыахтаах буолан баран ити уголовниктан куттанаҕын, биҺигитини өлөттөрөрүҥ тиийдэ, сыккырыыр тыыммыт эрэ сылдьабыт, төһө өр бу курдук барабыт?», диэн. Куттааскы этэрэ:  «Дьэ, бээ, сарсын буоллун!»  «Эн сарсыныҥ хаҺан бүтэрий?», диирэ Ылдьааката. Дьэ, биир оннук күн Куттааскы тугу да саҥарбатах…

Киэһээҥҥи аһылык буолбут, били уголовник куолутунан дьаһайа хамаандалыы аҕай сылдьар эбит, азиаттар сордоохтор кэннигэр үтүрүллэн хаалбыттар.

Көрдөхтөрүнэ, биһиги киһибит эр хаанын ылыммыттыы туттан чуо били уголовникка тиийэн саннытыттан ылбыт. Онуоха били киҺи соһуйан эргиллэ түспүт, кимин көрөөт орулуу түһээт киһи баһын саҕа сутуругунан охсон саайбыт.

Куттааскы сутуругу хабан ылбыт да эрийэн кэтэрги тарпыт, мөхсүү буолбут. Дьоннору сууллартаабыттар, бэйэлэрэ да нэһиилэ сылдьар доходьаагалары. Онтон Куттааскы киҺитин өрө көтөҕөн таһаарбыт уонна муостаҕа ыбылы бырахпыт.

Азиаттар үөрүүлэриттэн киһибитин өрө көтөҕөн баран  «Ура! хаһыытыы-хаһыытыы хачайдаан барбыттар. Уголовник турбатах, ону наҺыылканнан түрмэ балыыһатыгар илдьэн туттарбыттар, онно өр баҕайы сыппыт, улаханнык эчэйбит үһү.

Сарсына буолбут. Аһыырга Куттааскыны илдьэн остуол баһыгар олоппуттар, лааҕыр сокуонунан. Ылдьаакалаах Бүөтээн киҺибит икки өттүгэр олорбуттар. Онтон ылата аска бэрээдэк олохтоммут, дьон үөрүтэ, махтала элбээбит.

Били уголовник хас да ыйынан балыыҺаттан тахсыбыт уонна атын бараахха анаппыт.  Ол да буоллар, Куттааскыны сойуолаҺарын тохтоппотох. Шестёркалара, кулуттара киҺибитин онно-манна кэтэһэр-манаһар буолбуттар. Хайыылаахтарга даҕаны, Куттааскыга үтүөнү, үчүгэйи баҕарааччылар элбэхтэрэ, олор көмөлөрүнэн болдьоҕун бэйэтэ да мүччү-хаччы түһэн, күннэрин-дьылларын аҺардан испитэ, көҥүлгэ тахсыар диэри.

Биир күн киэҺээҥҥи аһылык кэнниттэн бараахтарыгар баран истэхтэринэ муннук эргийиитигэр  «Куттааскы сэрэн!» диэн хаҺыыны истэн, төҥкөс гынар. Ону кытары тэҥҥэ сиҺэ ньир гына түҺэр. Кэнниттэн Ылдьаака кэлэн испит, көрдөҕүнэ улахан баҕайы маҺынан охсубут киҺи куотан хаалбыт. Эчэйиитэ улахан буолан киҺибитин балыыҺаҕа ый курдук сытыарбыттар, ол бэриэмэтигэр Ылдьаакалаах Бүөтээни шестёркалар сордорун сордообуттар. Күн-дьыл ааҺан 1936 сыл буолбут, биҺиги дьоммут босхолонор болдьохторо тиийэн кэлбит. 1936 сыллаахха сайын ахтылҕаннаах дойдуларыгар Бөртөҕө үҺүөн эргиллэн кэлбиттэр.

Босхолонуу

Ылдьаака Аҕа дойду Улуу сэриитин бэриэмэтигэр колхуос убаһатын сиэбит, онон хаайыыга барбыт, эргиллибэтэх, дьылҕата оннук быһаарбыт…

Онтон Бүөтээн ойох ылан уоллаах кыыс оҕолоох. Олортон аатын ааттатар сиэннэрэ элбэхтэр. Бэйэтэ 1963 сыллаахха өлбүтэ, оннуоха диэри бултуура, хас бултаан киирдэҕин аайы Куттааскытыгар махталын бэлиэтин бултуттан өлүүлээн, биир иҺит арыгылаах ыалдьыттаан хонон кэлэрэ.

Соколов Гаврил Васильевич – Куттааскы оҕолоро, сиэннэрэ элбэхтэр. Оҕонньор 1969 сыллаахха саас өлбүтэ, дойдутугар Дьалаанкаҕа көмүллэн сытар.

Бөртө уола, Дьокуускай.