Маннык ааттаах 256 страницалаах А4 форматтаах халыҥ тастаах кинигэни СӨ агропромышленнай комплексын бочуоттаах үлэһитэ, үлэ бэтэрээнэ Николай Трофимов бэлэмнээн таһаартарда.
Кинигэ Россия Киин байыаннай архыыбын матырыйаалларыгар, буойуттар чугас дьоннорун ахтыыларыгар олоҕуран таҕыста. 2-с Малдьаҕар нэһилиэгиттэн 170 буойун Ийэ дойду көмүскэлин иһин өстөөҕү кытары кыргыспыта, бу дьонтон 76 киһи сэрии хонуутугар охтубута, байыастар кэргэттэрэ 21 «сураҕа суох сүттэ» диэннээх суругу туппуттара… Килбиэннээх үлэтин иһин 201 киһи мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кинигэ тахсыытыгар 2-Малдьаҕар олохтоох дьаһалтата, М.В. Павлов хаһаайыстыбата, «Бөртө сылгы собуота» тэрилтэ көмөлөстүлэр. Барҕа махтал буоллуҥ!
Николай Филиппович бу 12-с, сөҕөбүт эрэ, дьаныарыттан, үлэһититтэн. Маннык, докумуоннарга олоҕуран оҥоһуллар кинигэни таһаарыы туспа уратылардаах.
Бу иннинэ кини «Сулуһа суох герой» (Ойукуну-П.Н. Харитоновы кытары), «Үлэҕэ илиибит, эрчимин, сүрэхпит дьулуурун», «Октябрь 50 сыла» сопхуос. Үлэни өрө туппуттар» о.д.а. кинигэни эмиэ докумуоннарга, статистическай отчуот матырыйааларыгар олоҕуран бэлэмнээн күн сирин көрдөрбүтэ.
Онтон бу норуот улуу хорсун быһыытын докумуоннарынан кэпсиир кинигэ үтүө өйдөбүнньүк кэриэтэ. Бөртөнү, Еланканы арааран биэрбитэ эмиэ бэрт. Бөртөттөн 110 киһи сэриигэ кыттыбыт, 48 кыргыһыы хонуутугар охтубут, 62 буойун Кыайыы көтөллөнөн эргиллибит. Тыылга үлэлээбит 112 киһи сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээлинэн наҕараадаламмытын ыйар. Сураҕа суох сүппүттэртэн саҕалыыр.
«Хорсун саха буойуна бүтэһик тыыныгар кубарыйбыт уоскуттан кыайан тахсыбатах ыар ынчыгыҥ, чабырҕаччы тыгыалыыр сырдык хааныҥ баранан, харааран, түүл-бит курдук көстөн ааспыт олоҕуҥ, быдан кэмнэргэ сабыллыбыт харахтарыҥ…» Бу ыар чааһы суруйар мин ытык иэһим, бар дьоҥҥо көҥүлү, эйэлээх олоҕу, ыраас халлааны хаалларбыккыт сыаналаныахтаах, сүтэн халыа суохтаах», — диир ааптар уонна «геройдар сураҕа суох сүппэттэр» диэн түһүмэҕин Абрамов Дмитрий Фомичтан, 1942 сыллаахха сураҕа суох сүппүт буойунтан саҕалыыр. Сэриигэ айаннаан испиттэриттэн атын суох этин ыйар. Абрамов Николай Петрович – 1941 сыл ыҥырыллыбыт, сураҕа суох сүппүт… «Кини туһунан архыыпка туох да көстүбэтэ…» диир.
Хайдах бүтүн киһи ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалыахтааҕый? Алексеев Семен Михайлович, ыарыыттан өлбүт диэн суруллубута эрэ баар. Маннык бэлиэтэниллибиттэр сэриигэ барбыт бастакы саллааттарбыт. Семен сэриилэһэр чааһыгар тиийбит буолан сержант званиелааҕын сабаҕалыыр. Дьэ бу маннык дьон Николай Трофимов ир суолларын ирдэсиитэ көстөр. Холобур, Васильев Николай Саввиһы, 1944 с. ыам ыйын 21 күнүгэр Ленинградтааҕы кыргыһыыга өлбүтүн билбит. Ким эрэ сыралаһан ирдэһэн булар чуолкайдыыр, ким эрэ кыаллыбат, ситимэ быстар. Бу Николай Васильев, холобур, «За оборону Ленинграда» мэтээлгэ түһэриллибит… Бүтэһик суругар Ленинград фронуттан Бөртөттөн хас да уол биир бириэмэҕэ сэриилэспиттэрэ ыйылла сылдьар, өлбүттэр ааттара биллэр. Эрдэттэн, 60-70-с сыллартан, дьоно баар эрдэхтэринэ ирдэспиппит эбитэ буоллар тугу эмэ буолуо этибит диэн хомойор. Сорох «сүппүттэр» отой даҕаны хаартыската суохтар. Оннук быдан дьылларга симэлийдэхтэрэ. Хас биирдиилэрин туһунан тугу истибитин, чугас дьоно кимнээх буолалларын бэлиэтиир. Ирдэһэр түгэҥҥэ кыра да түгэнтэн сиэттэрэн оччотооҕу чахчыны ситэрэн биэриэххэ сөп. Таарыччы биир дойдалаахтарын ааттарын бэлиэтээн аһарар. Ленинградскай уобаласка, Ржевкэ, Сталинградка о.д.а. сырдык тыыннара быстыбыт. Элбэх да Павловтар дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ эбит, Улахан Аантан – Иван, Петр Васильевичтар, Иван Гаврильевич, Николай, Семен, Михаил Петровичтар, Николай Афанасьевич, Николай Иосифович, Семен Леонтьевич, Терентий Павлович…
1942 сыллаахха…сэрииттэн эргиллэн кэлбит буойуттар үксүлэрэ кинигэҕэ балай эмэ киэҥник бэриллибиттэр.
Еланкаттан барбыттара
Киирии тылы бу түһүмэххэ Еланка почта ыстаансыйатыгар 4 кинигэни анаабыт тутуу комплексын бэтэрээнэ Анатолий Соколов суруйбута кэрэхсэтэр – 28 киһи сэрииттэн эргиллибэтэх, 32 кэлэн саҥа олоҕу тутуспут. Архиповтар, Бурнашевтар, Голоковтар, Соколовтар… Оборона министиэристибэтин архыыбыттан докумуоннар бу дьоммут сэриигэ сылдьыбыттарын чуолкайдаан биэрэллэр. Ханнык уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара о.д.а. толору ыйылла сылдьара ыйынньык буолар сүдү сыаналаах.
Николай Трофимов кинигэтигэр ини-бии Соколовтар, «саха Маресьева» Николай Егоров тустарынан толору суруйар. Уонна – элбэх былыргы хаартыскалар. Балартан дьоммут биһиги тургуттардыы көрөллөр… Кинигэҕэ сэрии кэмигэр тыыл үлэтэ сырдатыллар, килбиэннээх үлэтинэн мэтээлинэн бэлиэтэниллибит тыыл кыттыылаахтарын испииһэктэрэ. Бу – дьэ, дьоһун өйдөбүнньүк. Улахан-ааннар, еланкалар аны сэриигэ кыттыбыт дьоннорун биир кинигэттэн билсэр, манна тирэнэн салгыы ирдэһэр, чинчийэр кыахтаннылар. Сураҕа суох сүппүттэр өссө даҕаны күүтэллэр…
Людмила Аммосова.