Саха омук тиһэх 50-ча сыл тухары сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах киһи – СӨ Бастакы Президена М.Е.Николаев буолар.
Мин 1960-с сылларга төрөөбүт саха омугун көлүөнэтин биирдэстэрэ буоларым быһыытынан, көлүөнэ уонна омук сайдыытыгар Михаил Ефимович салҕана турар кылаатын тус бэйэм олоҕум холобурдарынан көрдөрө сатыам..
1977 сылга мин Покровскай орто оскуолатын физмат-кылааһыгар үөрэнэ киирбитим. Онно кылааспыт салайааччыта физика учуутала Дырахов Семен Григорьевич этэ. Кини Михаил Андреевич Алексеевтыын Үөһээ Бүлүүгэ физмат-кылаастары тэрийэргэ үлэлэспитэ уонна кэргэнин дойдутугар Хаҥаласка кэлэн олохсуйбута. Үөрэххэ дьулуурдаах оҕолору бииргэ мунньан үөрэтэри, үрдүк үөрэххэ киирэллэрин ситиһиини Михаил Ефимович 1960-с сыллартан өйүүр этэ.
1990 сыл ахсынньытыгар ыйыгар М.Е.Николаев салалталаах СӨ дэлэгээссийэтэ Японияҕа баран кэлбитэ. Кэлэн баран Японияны кытта бииргэ үлэлииргэ анаммыт тэрилтэни тэрийэр туһунан идиэйэтин эппитигэр Саха сиригэр үс дьоппүон тылын билэр киһиттэн миигин АСЯС — Саха сирэ Японияны кытта үлэлэһэр Ассоциация генеральнай дириэктэринэн 1991 сыл олунньу ыйыгар талбыттара. 1991 сыл муус устар ыйыгар М.Е.Николаев ССРС Президенэ М.С.Горбачев салалталаах дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн Японияҕа кэлбитигэр, биһиги Саха АССР Тас эргиэнин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин Василий Моисеевич Ефимовтыын Токио куоракка тиийэммит Михаил Ефимовиһы арыаллаабыппыт.
1992 сылга миигин Японияҕа «Япония-Россия» эргиэн Ассоциациятыгар стажировкаҕа ыыппыта. Онно биир сорудаҕын–Саха сирэ Японияттан гуманитарнай көмө ыларын ситиһэммин, хас эмэ сыл бу дойдуттан медицинскай тэриллэр уонна кыһыл оҕо иһэр хаар уруһуйдаах бороһуок үүтэ босхо кэлбитэ. Ол сылга Михаил Ефимович сорудаҕынан биһиги, уонтан тахса эдэр киһи, Москваҕа Тас эргиэн Академиятыгар үөрэнэ киирбиппит. Онтон Анатолий Яковлевка уонна миэхэ Японияҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийэри соруйбута.
1993 сыл муус устар ыйыгар Яковлев Анатолий бэрэстэбиитэлинэн, мин солбуйааччынан ананан Японияҕа барбыппыт. 1998 сылга миигин СӨ Японияҕа бэрэстэбиитэлинэн анаабыта. Саха сирэ, саха омуга аандойдуга арыллыытын, атын омуктары кытта тэҥҥэ алтыһарын Бастакы Президент булгуччу ирдиир, туруорсарбаҕа санаата этэ.
Михаил Ефимович өрүү саҥа сүүрээннэри киллэриэнбаҕарара. Мин Японияттан кэлэн баран улууска дьаһалтаҕа үлэлиир кэммэр элбэхтик алтыһар этибит.
Кэлин «Алмазэргиэнбааҥҥа» үлэлии сырыттахпынаРоссияттан бастакыннан көмүһү Японияҕа уонна Кытайгаатыылаабыппытын билэн баран Михаил Ефимович олуссөхпүтэ. Ыҥыран ону-маны кэпсэтэр буолбута…
2019 сылга Михаил Ефимовичтыын көмөлөһөөччүтэ Сергей Поповтуун үһүөн Буотама өрүскэ бара сылдьыбыппыт. Икки күнү быһа ытык киһини кытарыкэпсэтэн олоххо экзамен туттарбыт курдук буолбутум. Саха омугун кэскилин, саха литературатын, саха култууратын, саха тылын, аан дойду балаһыанньатын, араасбоппуруостарга көрүүлэрбин ыйыталаспыта уонна 2020 сылга СӨ Государственнай Сүбэһитин аппаратыгарреферент быһыытынан үлэҕэ ыҥырбыта. Онон пандемия ыар кэмнэригэр, өрөспүүбүлүкэ автономиятын 100 сылынтуолар бэлиэ тэрээһиннэригэр бииргэ үлэлээн аастыбыт. Михаил Ефимович сахалыы да,нууччалыы да саҥарарын таһынан олус үчүгэйдик суруйара, тыл суолтатын, тыл дьүөрэлэһиитин олус сыаналыыра уонна олох чуолкайдыкааҕыллар, өйдөнөр буолуор дылы олох уоскуйбат этэ.
Михаил Ефимович Николаев норуот, боростуой дьонолоҕун тупсарары өрүү санаан тахсара, дьадайыыттантахсыыны олус күүскэ туруорсара. Тыа сирин дьоноыараханнык олороллоруттан олус кэлэйэрэ, саҥа ньымаларынан хайдах көмөлөһүөххэ синин наартолкуйдуура. Хаҥалас улууһугар Эркээни хочотунсайыннарар суолу СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка сүбэлээн ити саҥа Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сирин-уотун сокуона олоххо киирэн эрэр.
Михаил Ефимович инникини өтө көрөр хаачыстыбалааҕа, 90-с сылларга интернетынан интэриэһиргээн Саха сирин оҕолорун компьютерынан дьарыктанарга угуйбута, өрөспүүбүлүкэтигэр ньиэп уонна гаас хостооһунун өйөөбүтэ уонна омук сирдэргэ экспорга турбанан тахсарситимин бырайыагы өйөөбүтэ итини туоһулуур.
Миигин кытта кэпсэтиилэргэ саха омуга хайдах бу XXI-с үйэҕэ тыыннаах хаалан сайдыан сөбүн туһунан тиэмэниөрүү туруорара. Биһиги уһук сиргэ олорорбутун, аспытын-үөлбүтүн барытын соҕурууттан аҕаларбытын олохсөбүлээбэт этэ. Кини төһө кыалларынан аһылыгынан хааччыйыыны олохтоох дьон илиитигэр төннөрөрү, Саха сирин олохтоохторо уһаайбаланан бэйэлэрин хааччынаргакүүс-уох ууруохтарын баҕарара. Михаил Ефимович этиитинэн уһаайбалаах хаһаайыстыбаларга, чааһынай дьоҥҥо аналлаах “Усадебное хозяйство в Якутии” диэнсайты арыйбытым уонна билигин да үлэлэтэ сылдьабын.
Билиҥҥи ыарахан кэмнэргэ улуу убайбыт, аҕам курдуксаныыр киһим М.Е. Николаев идиэйэлэрэ, санаалараомукпут, өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар олуссыаналаахтар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев М.Е.Николаевы үйэтитии хамыыһыйатын салайарга быһаарыммыта сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Саха дьоно, хаҥаластар, биһиги Михаил Ефимович Николаев идиэйэлэрин дириҥник үөрэтиэх тустаахпыт!
Николай БАРАМЫГИН