Россия үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн Тиит Арыы оскуолатыгар үс ыаллыы сытар – 3-с Малдьаҕар уонна Тумул орто оскуолаларын учууталларын икки ардыларыгар идэ таһымын күрэҕэ буолан ааста. Бэлиэтээн эттэххэ, «Тиит Арыы» үөрэх ситимин чэрчитинэн ыытылынна.

Манна баай уопуттаах настаабынньыктар уонна эдэр педагогтар кытыннылар. Бэйэни билиһиннэрии, маастар-кылаас, тутатына тиэмэ талан бырайыак суруйан көмүскээһин, дьэ, чахчы, тыҥааһыннаах күрэх буолла. Оскуолаттан биирдии хамаанда күөн көрсөн, бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр, үлэлэрин-хамнастарын көрдөрдүлэр. Ол курдук, 3-с Малдьаҕартан Инна Владимировна Архипова уонна уһуйааччыта Елизавета Аркадьевна Архипова, иккиэн алын сүһүөх учууталлара, Тумул оскуолатыттан Виталина Жановна Максимова уонна кини эдэр кэллиэгэтэ Сардаана Андреевна Максимова, нуучча тылын уонна литературатын учууталлара, Тиит Арыыттан биология, химия учууталлара Ольга Кузьминична Строева уонна эдэр педагог Айталина Николаевна Софронова кытыннылар.


Кинилэр тэрээһин үс түһүмэҕин олус холкутук ааһан, идэлэрин бэркэ баһылаабыт педагог буолалларын өсө төгүл бигэргэттилэр. Бииртэн биир интэриэһинэй, киһи болҕомтотун тардар үлэлэри көрөн бары олус астынныбыт. Онон, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан барыларыгар кыайыылаах үрдүк аата иҥэрилиннэ.

Г.В. Ксенофонов аат. Тиит Арыы орто оскуолатын кэлэктиибэ.

Читайте дальше