Историяны билии – кэм ирдэбилэ

Дьэр нэһилиэгэр үс үйэ аҥарыттан ордук кэм анараа өттүгэр, 1676 сыллаахха Сахабыт сириттэн оччотооҕу  батталлаах олоҕу утаран, норуоттарын инники кэскилин туруулаһан, үс саха ааттаахтара — Хаҥалас кинээһэ Маһары Баһыакап, Намтан Нохто Ньыыкын, Мэҥэ бастыҥа Тирэх Өсүркээйэп Москуба куоракка Ыраахтааҕыны көрсө барбыт  айаннарыгар туһуламмыт Төгүрүк остуол буолан ааста.

Олохтоох дьаһалта ыҥырыытынан Төгүрүк остуолга улуустааҕы депутаттар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэр Хаҥаластан Анатолий Антонов, Намтан Алексей Винокуров, куйаар нөҥүө Уус Алдантан Иннокентий Аммосов, Мэҥэ Хаҥаластан Михаил Охлопков (Масаха) уонна Маһары Баһыакап туһунан историческай чахчыларга олоҕурбут сэһэни суруйбут Утум Захаров, Г.В. Ксенофонтов аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ Елизавета Мартынова, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэттэн Ираида Адамова, Оксана Корнилова, кыраайы үөрэтээччилэр Прокопий Ноговицын, Вячеслав Спиридонов, Михаил Ситников, общественник Ермолай Скрябин, Төхтүр, Өктөм, Нөмүгү нэһилиэктэрин баһылыктара уонна Дьокуускай куораттан археолог, ГЧИ научнай үлэһитэ Александра Прокопьева  кыттыыны ыллылар.

Кэлбит ыалдьыттар Дьэр нэһилиэгин сиригэр киирэр Аан Аартыкка, Тыгын аймах хараллан сытар Истээх мыраанын таһыгар, Маһары ыраахтааҕыга сылдьан, ситиһиилэнэн кэлэн Ыһыах ыспыт сирин аатын ылан тутулла турар “Үс сэргэ” түмэл-комплекс сиригэр туруоруллубут Үс сэргэҕэ, сахалартан бастакы генерал А.И. Припузов аатынан Уулаах Аан орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр музейыгар, олохтоох дьаһалтаҕа сылдьан икки култуураны тутан олорор нэһилиэк сайдыытын кэрдиис кэмнэрин, историятын кытта ыкса билистилэр.

Өбүгэлэрбит суолларынан

Култуура киинигэр ыытыллыбыт Төгүрүк остуолу Дьэр нэһилиэгин баһылыга Егор Исаков арыйда, ыҥырыыны ылынан кэлбит ыалдьыттарга махтанна. Билиҥҥи сайдыылаах олоххо бэйэ норуотун, улууһун, нэһилиэгин историятын билэн, үөрэтэн-чинчийэн ыччат дьоҥҥо тиэрдии —  кэм ирдэбилэ буоларын этэн туран, Дьэр нэһилиэгиттэн төрүттээх, икки төгүл Ыраахтааҕыны кытта көрсөн, саха норуотун кыһалҕалаах боппуруостарын хорсуннук туруорсубут, Куудукка төрөөбүт, 75 сыл устата олорбут, Истээх мырааҥҥа хараллан сытар, ситэ үөрэтиллибэккэ хаалбыт Маһары Баһыакап  аатын киэҥ араҥаҕа таһаарар кэм уолдьаспытын бэлиэтээтэ. Улуу киһи аатын үйэтитиигэ нэһилиэккэ ыытыллыбыт үлэ туһунан билиһиннэрдэ.

2022 сыллаахха  нэһилиэк баһылыгын көҕүлээһининэн улууска анал хамыыһыйа тэриллибитэ, үлэ былаана ылыллыбыта. Ити сыл депутаттар улуустааҕы сэбиэттэрин, култуура управлениетын, кииннэммит бибилэтиэкэ кэлэктиибин тэрийиилэринэн Маһары Баһыакапка анаммыт бастакы зональнай научнай-практическай конференция үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта, онно 52 дакылааччыт кыттыбыта. И.н.к. Светлана Петрова салалтатынан нэһилиэк иистэнньэҥнэрэ 17 үйэтээҕи Маһары Баһыакап Москубаҕа айаннаабыт кыһыҥҥы таҥаһын толору кэмпилиэгин  тигэн, араас таһымнаах быыстапкаларга  киэҥ сэҥээриини, махталы ылбыттара.

2023 сыллаахха, Маһары Баһыакап төрөөбүтэ 390 сылыгар, нэһилиэккэ Маһары Сыла биллэриллэн Ыһыах ыһыллыбыта, и.н.д. Андриан Борисов Москва, Санкт-Петербург  архыыптарын чахчыларыгар олоҕурбут кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. Быйыл сайын Саха театрын режиссера Сергей Потапов туруоруутугар «Маһары. Ыраахтааҕыга айан» спектакль   оччотооҕу олох, айан  бары  кыһалҕатын, кырдьыгын арылхайдык көрдөрөн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун киэҥ сэҥээриитин ылбыта.

Егор Васильевич Маһары сылын сүрүн арыйыытынан Маһары Баһыакап көмүүтэ көстүбүтүн, нэһилиэк ытык  киһитэ, сэрии, үлэ бэтэрээнэ Потап Кузьмин ыйан, этэн  хаалларбыт суолунан археологтар чопчу булан, Маһары Баһыакапка сыһыаннаах элбэх малы булбуттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Маһары Баһыакап аатын үйэтитиигэ

Прокопий Ноговицын Маһары Баһыакап туһунан устубут  документальнай киинэтин аан бастаан дьон болҕомтотугар таһаарда. Киинэҕэ биир дойдулаахпыт, өрөспүүбүлүкэ бастакы Президенэ Михаил Николаев сахалартан бастакынан бэйэни салайыныыны турорсубут Маһары Баһыакап туһунан этэн хаалларбыт кэс тылларыттан саҕалаан, Маһары саха норуотугар сүдү оруолун көрдөрөр чахчылар, улууска улууканнаах киһи аатын үйэтитиигэ ыытыллар үлэ туһунан көрдөрүллэн кэлбит дьон сэҥээриитин ылла.

Москва куораттан Андриан Борисов быһа сибээскэ тахсан, дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах боппуруос көрүллэн эрэрин бэлиэтээн эттэ. 1676 сыллаахха норуоттарын батталтан өрүһүйэр кытаанах санааны ылыммыт Хаҥаластан Маһары Баһыакап, Намтан Нохто Ньыыкын, Мэҥэттэн Тирэх Өрсүкээйэп  Ыраахтааҕыны кытта сирэй көрсөн кэпсэтэр туһугар ыраах айаҥҥа туруммуттарын кэпсээтэ. Тыйыс усулуобуйалаах ыраах сиртэн кэлбит сахалары Ыраахтааҕы 1677 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр атын дойдулар дэлэгээссийэлэрин көрсөллөрүн курдук үрдүк таһымнаахтык көрсүбүт. Бу көрсүһүү историяҕа 17 үйэтээҕи сүдү суолталаах түбэлтэ курдук сыаналаммыта. Бэйэбит дьаһанан олоробут, кыра дьыалалары бэйэбит көрөбүт, дьаһаах хомуйуутугар бэйэбит кыттыһабыт диэн аан бастаан бэйэни салайыныы боппуруостарын туруорсубут саха саарыннарын көрдөһүүлэрин  Ыраахтааҕы Федор Алексеевич үгүс өттүнэн ылынан, саха дьонун олоҕун  чэпчэтэр Ыйаахтары  таһаарбыт.  Маһары Баһыакап Саха сиригэр дьаһаах хомуйуутун олохтоох тойотторго көҥүллэтэн, буруйдаахтары сууттуур эбээһинэстэнэн, Саха сиригэр суут-сокуон сайдарыгар олук уурбутун үрдүктүк сыаналаата.

Андриан Афанасьевич улуу дьоммут саҕалаабыт дьыалаларын  салгыы үөрэтэн-чинчийэн, саха саарыннарын үтүө ааттарын Россия таһымыгар таһаарар сорук турарын санатта уонна 2027 сыл тохсунньу 7 күнүгэр,  4 улуус бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, өбүгэлэрин суолларынан сомоҕолоһон тиийэн Москва куоракка Грановитай Палатаҕа  өйдөбүнньүк  Ытык бэлиэни туруорарга этии киллэрдэ.

Улахан суолталаах булумньу

Салгыы археолог Александра Прокопьева Маһары Баһыакап көмүүтүн 1933 сыллаахха Гаврил Ксенофонтов аан бастаан хаһан саҕалаабытын, 17 предмети булбуттара Национальнай музейга хараллан сыталларын кэпсээтэ. Быйыл ыытыллыбыт хаһан-чиничийэн көрүүгэ 40 предмет булуллубутун астына иһитиннэрдэ. Ону кытта Маһары тиистэрэ көстүбүтүн археологияҕа улахан суолталаах булумньу быһыытынан сыаналанарын эттэ. Ол тиистэртэн Маһары ДНК-тын таһааран, аныгы технологиялары туһанан антропологическай экспертиза көмөтүнэн кыра да кырамтаттан элбэх информацияны ылыахха, Маһары мөссүөнүгэр, кини төрүттэригэр тиийэ быһаарыахха сөп диэн быһаарда. Онон уһун кэмнэргэ биллибэккэ, быһаарыллыбакка сылдьыбыт кистэлэҥ арыйыылар тахсан кэлиэхтэрэ диэн эрэл санаатын биллэрдэ. Кэнники кэмҥэ археология салаата тэтимнээхтик сайдар, хайысхата кэҥиир, Хаҥалас курдук баай историялаах сиргэ археолог олус наадалааҕын, олохтоох ыччат ылсан, археолог идэтин  баһылыылларыгар баҕа санаатын эттэ.

Анатолий Антонов Ханалас улууһун депутаттарын ааттарыттан улууска Маһары Баһыакап аатын тилиннэрии 2022 сылтан саҕаламмытын, ол иннинэ  2019 сыллаахха Маһары Баһыакап сиэнэ Софрон Сыранов аатын өрөпүүбүлүкэ таһымыгар таһаарар киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллан, туруоруллубут сыал ситиһиллибитин кэпсээтэ. Ол үлэ уопутугар олоҕуран, аны Маһары Баһыакап аатын бастаан Саха сиоригэр, салгыы Россияҕа таһаарар кэм кэлбитин чопчулаан эттэ. Ол туһугар бүтүн улуус, Дьэр нэһилиэгэ бииргэ түмсэн үлэни  саҕалаабыттарын  иһитиннэрдэ. Саха сирэ Россияны кытта холбоспута 400 сылыгар, о.э. 2032 сылга Маһары Баһыакап аатын Россия таһымыгар таһаарарга историческай, археологическай чинчийиилэр, Москва, Санкт-Петербург архыыптарын чахчыларыгар олоҕурбут сөптөөх докумуоннар хомуллубуттар. Ыраахтааҕыга тиийэн,  саха норуотун көҥүлүн турууласпыт дьоммутун үйэтитэр, ыччат дьоммутугар тиэрдэр – Ытык иэстээхпит диэн түмүктээтэ.

Ыалдьыттар ыллыктаах этиилэрэ

Алексей Винокуров, Нохто кинээс дойдутун Нам улууһун бэрэстэбиитэлэ:

—  Саха норуотун инники дьылҕатын туруорсар туһугар бииргэ түмсэн  барбыт биир дойдулаахтарбыт ааттарын тилиннэрии үлэтэ саҕаламмытын үрдүктүк сыаналыыбын. А.И.Притузов аатынан Уулаах Аан орто оскуолата музейын статуһун тутан хаалбыта кэрэхсэбиллээх. Үүнэр көлүөнэ ыччат төрөөбүт дойдутун дириҥ историятын билэ, киэн тутта улаатарыгар музей баай матырыйааллаах, элбэх экспонаттаах эбит. Ол салайааччы Вячеслав Спиридонов өҥөтө буоллаҕа, киниэхэ дириҥ махталбын тиэрдэбин. Сахалар, улууһуттан тутулуга суох, бары биир буолуохтаахпыт, биир сомоҕо буолан үлэлиэхтээхпит, бастакы Президеммит М.Е. Николаев этэн хаалларбыт Кэс тылларын толорорго дьулуһуохтаахпыт. Андриан Афанасьевич  кэпсэтии кэмигэр киллэрбит этиитин толору  өйүүбүн.

Куйаар нөҥүө кыттыспыт Иннокентий Аммосов салайааччылаах Уус Алдан  бэрэстэбиитэллэрэ кэпсэтиигэ кыттыһан, аны икки сылынан Москуба куоракка айанныырга бэлэмнэрин эттилэр. Кыраайы үөрэтээччилэр баар чахчыларга олоҕуран, Уус Алдан кинээһин уола Нам кинээһин кыыһын кэргэн ылан,  икки улууска  уруурҕаһыы тахсыбытын,  Маһары туһунан спектакльга Маһары: “Сахалар, Ыраахтааҕыга бара сылдьыбыт дьоҥҥутун умнумаҥ!” диэн эппит тыллара ураты суолтатын дириҥник ылыммыттарын аһаҕастык эттилэр. Хаҥалас улууһа — нууччалар кэлэн олохсуйбут дойдулара, ол эрээри олохтоох дьон дойдуларын историятын дириҥник, хорутуулаахтык үөрэтэн, киэҥ эйгэҕэ таһааран, туруулаһан, улуустарын төрүт аатын тилиннэрбиттэриттэн олус сөҕөллөрүн, үтүө холобур оҥостоллорун  биллэрдилэр.

Михаил Охлопков Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтата бүгүн көрүллэр боппуруоска улахан интэриэстээҕин, кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына, улуус дэлэгээссийэтэ анаан кэлэрин, бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Наум Устинов, Нөмүгү нэһилиэгин баһылыга, 2019 сыллаахха Софрон Сыранов 300 сыллаах үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһааран бэлиэтииргэ киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыбытын кэпсээтэ. Нөмүгү нэһилиэгэ Уус Алданы кытта чулуу дьоннорунан Күлүмнүүр уонна  композитор Адам Скрябин сырдык ааттарынан ыкса сибээстээхтэрин иһитиннэрдэ. Софрон Сырановка анаан  ыһыллыбыт улахан Ыһыахха олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн 300 сыл анараа өттүнээҕи саха былыргы таҥаһын тигэн, 70 киһинги таҥыннаран, дириҥ билиниини ылбыттарын, олохтоох дьон сахалыы куттарын уһугуннарбыттарын, ол түмүгэр кырыымпаҕа оонньуур анал ансаамбыл тэриллибитин киэн тутта кэпсээтэ.  Наум Васильевич  түөрт улуус түмсэр үөрүүтүгэр  Улуу Туймаада ыһыаҕар улуустары түмэ тардан, 300 өбүгэ таҥаһын тиктэн, кэтэн кыттыаҕыҥ, өбүгэлэрбитин үйэтитиэҕиҥ диэн этии киллэрдэ.

Елизавета Мартынова, улуус депутата, Кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Хаҥалас улууһун историятын оҕолорго тиэрдэр туһугар улууска кыраайы үөрэтээччилэри түмэн, анал хамыыһыйаны тэрийэргэ, оскуолаларга  төрөөбүт дойдуларын, улуустарын, нэһилиэктэрин историяларын,  чулуу дьоннорун, дойдулара сайдарын туһугар киллэрбит кылааттарын  билэ, киэн тутта улааталларын туһугар анал кылаас чаастарын ыытар  туһунан боппуруоһу  көрөргө санаатын эттэ.

Ити курдук, Дьэр нэһилиэгэр 348 сыл анараа  өттүгэр төрөөбүт, норуоттарын кыһалҕаларын туруорса, бииргэ түмсэн, Ыраахтааҕыны көрсө ыраах айаҥҥа туруммут, ситиһиилээхтик сылдьан кэлбит өбүгэлэрин ааттарын ааттатар туһугар түөрт улуус бэрэстэбиитэллэрэ түмсэн, дириҥ ис хоһоонноох, кэскиллээх кэпсэтиини ыыппыттара билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ киэҥ далааһыннанан, ыччат дьону түмэ тардан, сөҕүмэр ситиһиилэнэн, үтүө түмүктэнэн, балысхан сайдыыны түстүөҕэ, махталлаах саха дьонун аатыттан саха саарыннарын сырдык ааттара Улуу Москва куоракка Грановитай Палатаҕа   кыһыл көмүс буукубаларынан суруллуоҕа диэн эрэнэбит.

Мария Аянитова, Уулаах Аан с.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше