Биир дойдулаахпыт, киэн туттар, ытыктыыр киҺибит Михаил Ефимович Николаев олохтон барбыта ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии ыарыылаахтык, хомолтолоохтук иҺилиннэ…
Мин кинини Дьокуускайга комсомол уобаластааҕы кэмитиэтин салайа сылдьыаҕыттан билэрим. Оччолорго биҺиги култуура-сырдатар училищетыгар саҥа арыллыбыт хореография салаатыгар үөрэнэн эрэрбит. 1967 сыллаахха Улуу Өктөөп 50 сылынан үбүлүөйгэ аналлаах тэрээҺиннэргэ кыттыбыппыт. Нуучча драматическай тыйаатырыгар түүн 1 чаастан улахан театрализованнай композицияҕа репетиция буолбута. Ол тэрээҺин кэлин үрдүк таҺымнаахтык ааспыта…
Кэлин, үлэҺит буолан баран, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фестивалларга өрүү кыттарбыт. Онно биирдэ Сахабыт сирин салайааччыта Михаил Николаев ыҥырыллан кэлбитэ, долгуйбуппутун өйдүүбүн.
Дойдубар үлэлиир кэммэр «Эркээни эдэр сааҺа» ансаамбылбытын кытары араас бэлиэ тэрээҺиннэргэ кыттан кэллибит, ол иҺигэр саҥа тутуулар үлэҕэ киириилэрин үөрүүлээх түгэннэригэр — оскуолалар, балыыҺалар, Покровскайга Спортивнай комплекс, уотурба собуота, Буотамаҕа «Өлүөнэ Туруук хайалара» национальнай паарка эбийиэктэрэ, о.д.а. арыллыыларыгар үгүстүк сырыттахпыт. Михаил Ефимович үөрүүбүтүн үллэстэрэ. Өктөм Чапаев сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола арыллыытыгар оҺуокай араастарын көрдөрөн үҥкүүлээн бүтүүбүтүгэр арай үөҺээ көрбүппүт — кыталыктар көтөн эрэллэр эбит. Онуоха аттыбар биир кырдьаҕас эттэ: «Ити үөҺээҥҥи илдьиттэр,үтүө дьыала оҥоҺулунна диэн көрөн бардылар» эппитин өйдөөн хаалтым.
Өссө биир көрсүҺүү Москваҕа «Бэс Чагда» сынньалаҥ сиригэр буолбута. Сарсыарда хаама сылдьан Михаил ЕфимовиҺы көрүстүм диэн бииргэ сынньана сытар бэтэрээннэрбэр эттим. КөрсүҺүүтэ тэрийиэҕин диэн буолла. Ол кэнниттэн олус истиҥ көрсүҺүү тэриллибитэ. Михаил Ефимович сонуннарын үллэстибитэ, эмкэ сылдьар дьоммут боппуруостарыгар хоруйдаабыта. Сорох ыйытыыларга «Сотору Дьокуускайга тиийдэхпинэ кэлээриҥ, быҺаарсыахпыт» диэбитэ…
Умнубаппыт кини көҕүлээбит «Азия оҕолоро» оонньууларын арыллыытыгар уонна сабыллыытыгар кыттыбыт долгутуулаах түгэннэри…
Михаил Ефимович төрөөбүт норуотун туҺугар оҥорбут үтүөтэ, сүдү көмөтө үйэлэргэ умнуллуо суоҕа. Үлэтэ үөрэтиллиэ, ахтыллыа, оҥорбута туҺалыа турдаҕа.
Василиса Романова, Cаха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэҺитэ, «Эркээни эдэр сааҺа»норуодунай кэлэктиип салайааччыта.