Дойдуга Педагог уонна аҕа уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар, Аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэригэр анаммыт «Төлөннөөх сүрэхтэр» улуустааҕы спартакиаданы Төхтүр нэһилиэгин дьаһалтатын үбүлээһининэн А.И. Борисов аат. Култуура-спорт киинэ уонна «Саһарҕа» пенсионердар общественнай түмсүүлэрэ тэрийэн ыыттылар.
Декаданы түмүктүүр спартакиадаҕа Төхтүртэн, Өктөмтөн, Нөмүгүттэн, Покровскайтан, Мохсоҕоллоохтон, Булгунньахтаахтан, Хачыкааттан, 2-с Дьөппөнтөн барыта 116 аҕам саастаах киһи кытынна, спорт уон көрүҥэр күрэхтэстэ.
Сытыы киирсиилэр түмүктэринэн Нөмүгү хамаандата кыайыылаах буолла, иккис миэстэ — Покровскай куорат бэтэрээннэрэ уонна үһүс миэстэҕэ Мохсоҕоллоох бөһүөлэгин олохтоохторо тигистилэр.
Санатан эттэххэ Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн Төхтүр нэһилиэгин аҕаларын түмсүүтэ үлэ, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сэрии кэмин оҕолоругар күһүҥҥү бултарыттан — кус, балык түҥэттилэр. Олохтоох тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ сибиэһэй убаһа этинэн күндүлээн аҕам саастаахтарын үөртэ.
Аны туран, сүүйүүлээх лотерея оонньонон араас бириискэ Өктөм, Төхтүр олохтоохторо үөрэ- көтө тигистилэр.
Россияҕа Педагог уонна аҕа уһуйааччы сылынан «Дьүөгэ» общественнай түмсүү айар киэһэтин тэрийэн ыытта.
А.Д.Широких аат. Төхтүр орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Полка добра» аһымал аахсыйаны үлэлэттилэр.
Ити курдук Багдарыын Кэскил Ньургун уола баһылыктаах Төхтүр нэһилиэгин дьаһалтата кырдьаҕас дьоҥҥо болҕомтотун анаан үтүө түмүктээх үлэлии-хамсыы олорор.
Мотрена Ефремова, «Саһарҕа» пенсионердар общественнай түмсүүлэрин салайааччы.