Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин » Кэскил» уһуйааныгар буолла. Тэрээһини хомуска сахалыы матыыбынан Виктория Куприянова, Юлия Борисова оонньоон арыйдылар. Ыраастаныы сиэрин-туомун кэнниттэн «Сарыал» култуура киинин үлэһиттэрэ Фаина Готовцева, Владислав Барамыгин норуот ырыаларын бэлэх ууннулар, кэнчээри ыччаппыт Милана Иванова, Аделина Герасимова, Диана Борисова чабырҕах толордулар. Үс оҕо тапталлаах ийэтэ Мария Иванова хоһоон аахта.
Саха тылын «муора курдук баай, сир симэҕин курдук сиэдэрэй » дииллэр. Биһиги оннук кэрэ ийэ тыллаахпыт, — диэн иитээччи Марианна Михайлова бөлөхтөрүнэн хоһоон күрэҕин саҕалаата. Бииртэн биир чуор куолаастаах оҕолорбут хоһоон аахтылар. Диана Борисова, Рада Алексеева, Илья Теплоухов, Илдьар Теплоухов, Арсалан Очиржапов, Айсен Борисов, Камилла Григорьева, Алиса Федорова, Витя Иванов, Милана Иванова, Аделина Герасимова, Владислава Борисова ситиһиилээхтик кытыннылар. Эбиэт кэнниттэн аны оҕолор төрөппүттэрин кытта күрэхтэһэн үөрүү өрөгөйүн биллилэр, «Сонор» оонньууну билиһиннэрдилэр. Иитээччилэргэ, үлэһиттэргэ мүнүүтэҕэ аҕыы күрэҕэ ыытылынна. Иитээччи Гульнара Леонтьева «Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?», тургутугар ыйытыыга иитээччи Наталья Скороходкина кыайда. Бу күн минньигэс астаах повардар сахалыы аһынан күндүлээтилэр. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста.
Анастасия Мордовская, общ. корресп.
Тиит- Эбэ.