ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүѳлээх үлэhитэ, «Бочуот Знага» уордьан кавалера, Тиит Арыы нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Михаил Дмитриевич Федоров, норуокка биллэринэн Ырыа Миисэ аатын сүгэр «Эркээйи» култуура киинэ быйыл өрөгөйдөөх 75 сааhын бэлиэтиир.
Ааспыт кэми анааран аастахха…
Тиит-Арыыга кулууп 1949 сыл дэриэбинэ хоту уhугар эргэ мас дьиэҕэ үлэтин саҕалаабыт. Манна Голоков диэн киhи үлэни салайбыт. Солбуллубат хормуоскаһытынан Ипполит Федорович Сухарев эбит. Ол кэннэ Владимир Николаевич Сухарев үлэлии сылдьыбыт. «Таҥара сатыылаабыт дойдута» диэн кинигэҕэ уруккута III, IV Малдьаҕардар, Тиит Арыы дьаамын историята, архыып матырыйааллара, хаhыаттар ыстатыйалара, суруйар идэлээх дьоммут араас кэмҥэ суруйуулара, тэрилтэлэр историялара уонна дьоммут-сэргэбит ахтыылара түмүллэн киирбиттэрэ кулууп үлэтигэр олус наадалаах. Кинигэ ааптардарыгар Белых Г.И., Степанова Р.С. махталбыт муҥура суох.
Салҕыы кулууп сэбиэдиссэйинэн Ефремов Иван Петрович, мин эhэм, үлэтин бу кинигэҕэ суруллубутунан, 1956 с. олунньу 26 күнүттэн 33 нүөмэрдээх бирикээhинэн саҕалаабыт. Ол саҕана оройуон култуураҕа салалтатын Трофимов И. салайбыт. Эhэм бу кэмҥэ комсомольскай тэрилтэ сэкиритээрэ эбит. Онно 1957 с. комсомол мунньаҕар отчуоттуур дакылаата баар, кулууп үлэтин сиhилии сырдатан суруйбут: “Биhиги нэhилиэк сельскэй кулуубун иhинэн 7 киhилээх кулууп сэбиэтэ үлэлиир, олохтоох партийнай тэрилтэнэн бигэргэтиллибит 14 агитатор, 16 лектор колхоз иhигэр баар 2 комплекснай биригээдэни, биир начальнай оскуоланы, почтаны, сельпону хабан агитационнай үлэни ыытар. Кулууп иһинэн нагляднай агитация оҥоhуллар, туспа хоско кыhыл муннуктар үлэлииллэр. Художественнай самодеятельность куруhуоктарын күүhүнэн 16 төгүл постановка уонна концерт көрдөрүлүннэ, манна икки кулуубунан 40-ча ыччат кыттыыны ылла. Ыччат фестивалынан сибээстээн 6 сиргэ агитбиригээдэнэн сырыттыбыт. Быйылгы сылга Саха сирин ыччатын 1-кы фестивала ыытыллыбытынан сибээстээн художественнай самодеятельность үлэтин былаана тупсарылынна, кыттар ыччат ахсаана элбээтэ. Биhиги нэhилиэктэн фестиваль бастакы тууругар бастыҥ толорууларга харчынан бириэмийэлэр бэриллибиттэрэ, иккис туурга кыттан драматическай, танцевальнай уонна музыкальнай кэлэктиибигэр райкомол хайҕабыл илииhинэн, биир киhи сыаналаах бэлэ5инэн, икки киhи бириэмийэнэн, уонтан тахса киhи хайҕал илииhинэн наҕараадаламмыттара. Манна колхозтаах Федоров М.Д. туруорбут “Тиит Арыы ыhыаҕа» диэн үҥкүүтэ биhирэммитэ. Бу үҥкүүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалга киирэн, иккис истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыттара уонна табаарыс Федоровка ыччат фестивалын лауреатын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Бу үҥкүү бөлөҕө Саха сирэ Россия государствотын састаабыгар киирбитэ 325 сылын бырааhынньыгын атаарыыга Дьокуускайга киирэн Саха искусствотын декадатыгар кыттыыны ылбыта. Ордук үчүгэй кыттыыны уонна көмөнү оҥорон кулууптар художественнай самодеятельностарыгар кытталлар учууталлар Данилова Анна Николаевна, Варламова Звезда Петровна, Петрова Валентина Яковлевна, колхозтаахтар Федоров Михаил Дмитриевич, Аммосов Николай Егорович, Варламов Гурий Дмитриевич, Захаров Егор Анисимович, Романов Роман Егорович, Федорова Александра Николаевна, киномеханик – Едисеев Николай Александрович. Кулууптар истэринэн субуотаҕа киэhэлэргэ ыччаттар биэчэрдэрэ, танцы киэhэлэрэ уонна бырааhынньыктарга киинэни коллективнай босхо көрүүлэр тэриллэллэр”. 1959 сыллаах комсомольскай тэрилтэ отчуоттуур дакылаатыгар өссө да элбэх үлэ сырдатыллыбыт.
Ырыа Миисэ үлэлиир кэмигэр
Иван Ефремов 1961 сыллаахха нэhилиэк Сэбиэтин бэрэсэдээтэлинэн талыллан кулууптан кулун тутар 20 күнүттэн уурайыаҕыттан Михаил Федоров үлэлээн саҕалыыр. Ол бириэмэҕэ Ырыа Миисэни кытта сэргэ Гаврил Абрамов, Антонина Федорова үлэлээбиттэр.
Бу Харыйалаахтан оскуола Тиит Арыыга көhөрүллэн тахсар сыла этэ. Михаил Дмитриевич улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ култуура, искусство эйгэтигэр ааспыт үйэ 50-с, 80-с сылларыгар уус-уран кэлэктииптэргэ салайааччы, тэрийээччи, ааптар, толорооччу быhыытынан уhуннук уонна таhаарыылаахтык үлэлээбит, тыа сирин култууратын сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит киhинэн буолар. Кини култуура тэрилтэтигэр үлэтин 1948 сыллаахха Харыйалаахха Ворошилов аатынан колхозка саҕалаабыта. Ханна үлэлээбит сиригэр Михаил Дмитриевич мэлдьи бастакы буолара. Саха норуотун искусствота – оhуохай, тойук, сахалыы үҥкүү, хомус, чабырҕах оройуоҥҥа саҥа үктэлгэ тахсыыларыгар киниттэн ордук дьаныhан үѳрэппит, сыанаҕа таhаарбыт, эдэрдэри уhуйбут киhи суох. Кини уус-уран самодеятельноhы кѳҕүлээччи, дьоҕурдаах, талааннаах, ирдэбиллээх тэрийээчи эрэ буолбакка, ырыаhыт уонна ырыа айааччы быhыытынан киэҥник биллэр.
«Тиит-арыылар ыллыыллар» дэтэр гына үлэлээбит ыччаты ырыа аргыстаабыт, хоhоон доҕордообут кулууп дьиэтигэр угуйбут, кѳхтѳѳх олоххо көҕүппүт ырыа Миисэ диэн ааттаммыт норуот уолун ытыгылыы саныыбыт, ыччаппытыгар кэпсиибит.
Билиҥҥи култуура дьиэтин оннугар турбут кулууп 1967 с. тутуллубута…
Онно Ефремов Артур Иванович, мин аҕам, дириэктэринэн киирэр. Ол кэмҥэ оройуон култуураҕа салаатын салайааччытынан Петр Архипов үлэлээбит, исписэлиистэринэн Наталья Кузьмина (Емельянова), Мария Кузьмина, Мария Аммосова этилэр. Артур Иванович баян курдук саха норуотугар киэҥник тарҕаммыт, сөбүлэппит музыкальнай инструмены ордук баhылаан, сатабыллаахтык ырыаны-тойугу киэргэтэн, байытан биэрэр, дьонун-сэргэтин кутун тутан оонньуур дьоҕурдаах. Кини кулууп дириэктэринэн, агит-биригээдэ методиhынан үлэлиир сылларыгар хас сайын аайы ходуhанан сылдьан лекция ааҕан, концертаан үлэhиттэргэ сынньалаҥ тэрийэллэрэ. 1990 сыллаахха Россияҕа Курган куоракка ыытыллыбыт бүтүн Россиятааҕы фестивалга бастакы миэстэни ылан кэлбиттэрэ.
Кини кэргэнэ, олоҕун аргыhа Екатерина Николаевна, ийэм, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаhыт. Уус-уран самодеятельность аан бастаан омук сиригэр тахсарыгар 1983 сыллаахха Василиса Романова салайар “Эркээни эдэр сааhа» кэлэктииби кытта аҕам баянист быhыытынан Югославия, Румыния, Болгария, Греция дойдуларыгар баран ситиhиилээхтик кыттан кэлбитэ. Артур Иванович быйыл 70 сааhын туолла. Ол тухары икки нэhилиэгинэн суос соҕотох баяниспыт. Ийэбит салайар “Көлүкэчээн” ырыа ансамбылын, нэhилиэк хорун ырыатын куоласка арааран иккиэн үлэлииллэр.
Эрчимнээхтик үлэлээн ааспыттара
1981 сыллаахха мас кулууп дьиэтэ умайар. Ол оннугар саҥа таас кулууп 1983-83сс. тутуллан үлэ күөстүү оргуйар. Манна 1987-1994 сс. дириэктэринэн Мария Кузьмина ананар. Кинини кытта тэҥҥэ Аммосова М.И., Шадрина В.И., Потапова (Григорьева) С.М. үлэлииллэр.
1994-2003 сс. – Сергей Бурцев кулуубу салайар, уус-уран салайааччынан Февронья Потапова (Михайлова) этэ. Сергей Бурцев олус табан инструменнарга оонньуура. Саҥа фонограмма диэн үөдүйүүтүгэр синтезаторга доҕуhуоллаан артыыстарын ыллатара, бэйэтэ эмиэ ыллыыра. Олус табыллан нууччалыы ырыаны ыллыырын дьон сэҥээрэрэ.
2005-2006 сс. – Варвара Кузьмина дириэктэринэн үлэлиир. Бу кэмҥэ кулууп ис, тас көстүүтэ тупсар аппаратура саҥардыллар. Варвара Валерьевна тарбаҕар талааннаах буолан үҥкүү турар сценическай көстүүмнэрин бэйэтэ дизайыннаан тигэр этэ, үҥкүүлэри туруорара. Уус-уран салайааччынан Альбина Максимова, онтон эдэр үлэhит Фекла Варламова (Гаврильева) этилэр. Кытаанах санаалаах, эппитин толорон тэйэр, сатабыллаах салайааччы нэhилиэккэ кулууп үлэтэ тупсарын, култуура саҥа таhымҥа тахсарын ситиспитэ.
2006-2018 сс. – Альбина Максимова дириэктэринэн анаммыта. Исписэлиистэринэн араас сылларга Кузьмина С.А., Федорова А.В., Федорова Л.А., Прокопьев П.Р., Бурнашова Р.М., Ноговицына А.А. (автор), Николаева М.А. үлэлээн ааспыттара. Альбина Арьянова култуура туйгуна. Бу кэмҥэ 2014 с. таас кулууп саҥардыллан реконструкция барар. “Кэтэмэ кэскилэ” мода театрын Альбина Максимова тэрийэн, салайан үлэлэтэрэ. Манна оскуола оҕолоро сценаҕа тутта-хапта сылдьалларыттан саҕалаан, кэтэн көрдөрөр таҥастарын дизайныгар тиийэ, ону оҕуруонан киэргэтэн бэйэлэрэ көмөлөhөллөрүн ситиспитэ. Ол кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ бары оҕуруо анньа, иистэнэ үөрэммиттэрэ, умсугуйан туран дьарыктаналлара. Ол туоhута – Польша Ново-Руссо куоратыгар дизайн, мода күрэҕэр «Гран-при» буолан кэлбиттэрэ.
Өссө биир улахан ситиhиитинэн нэhилиэк дьоно кыттыылаах «Лабыдьа Тойон» олоҥхо поэматын туруоруу. Манна алын сүhүөх кылаас оҕолоруттан нэhилиэк Аҕа баhылыгар Степан Соловьевка тиийэ кыттыбыттара. Бу олоҥхо киэҥ эйгэҕэ тахсыыта Хаҥаласка Олоҥхо ыhыаҕар, Покровскайга “Саргы түhүлгэтигэр» турбута буолар.
2018 с. кулуупка салайааччытынан эдэр эрчимнээх, ырыа аргыстаах Үөhээ Бүлүүттэн төрүттээх кийиит кыыс Розалина Бурнашова анаммыта. Эдэр кыыс бэйэтин тула эдэр ыччаты түмэр. Улуус, өрөспүүбүлүкэ таhымнаах араас күрэхтэргэ кыттан ситиhиилэрбит үгүс. Исписэлиистэринэн бэйэтин курдук “оройдорунан көрбүт” эдэр кыргыттар Ноговицына А.А. (автор), Федорова А.В., Николаева М.А. этибит. Төрдүөн тутуспутунан сыанаҕа тахсан кэнсиэри ыытарбыт, ыллыырбыт, үҥкүүлүүрбүт, театрализованнай постановка туруоран кыттарбыт. “ШАРМ.” (Шура, Александра, Розалина, Марина) диэн ааппыт бастакы букваларын холбоон квартет ыллаан барыга бары кыттарбыт. Бэйэбит көрүдьүөстэнэн сыанаҕа тахсарбытыгар “ШАРМ”, үлэбитигэр “МАРШ”, этиhэн ысыhан кэбистэхпитинэ «ШАРМ» буолабыт диэн күлсэрбит.
2018 сыл күhүнүттэн саҕалаан 2022 сыл күhүнүгэр диэри ырыа куттаах Жирковтар дьиэ кэргэн орто уоллара Андриан Жирков салайааччынан ананар. Андриан Андреевич олус үчүгэйдик ыллыыр, гитараҕа оонньуур. Кулууппутугар эр киhи салайааччылаах үлэлиир олох атын таhым этэ.
Көмөлөһөөччүлэрбитигэр махтал!
Билигин хомуллан үлэлии сылдьар кэлэктиип табыллыбыт хамаанда диэн киэн тутта этэбин. Хас биирдии исписэлиис бэйэтин дуоhунаhыгар сөп түбэhэр, олус бэркэ үлэлиир. Ол курдук, уус-уран салайааччынан үрдүк үөрэхтээх үҥкүүhүт идэлээх Тамара Рафаилова, методист – Саргылана Ефремова, кулууп түмсүүлэрин салайааччыта – Варвара Соловьева, куруhуок үлэтин салайааччытынан – Валентина Варламова.
Кулууппутугар Чкалов арыытыгар турар элбэх хайысхалаах спорду уонна култуураны бииргэ үлэлэтэр комплекснай киин киирэр. Биhиги үлэбитигэр саамай көмө буолар дьоннорбут – кыттааччыларбыт «Көлүкэчээн» ырыа (сал. Ефремова Е.Н.), “Ленские зори” ырыа-үҥкүү (сал. Крюкова Г.Ф., Федорова Л.А.), “Иэйии” үҥкүү ансамбыллара, туохха да солбуллубат, оскуола учууталлара – Сеялова Д.В., Строева О.К., Бурцева А.Н., Макарова Д.М., “Кэнчээри” уhуйаан иитээччилэрэ – Макарова А.Р., Федотова А.А., Наумова В.А., Данилова С.Е., Никифорова И.Ю. Күүс-көмө буолар дьоммутугар махталбыт муҥура суох. Инникитин да маннык көрөөччү махталын, хайҕабылын ылан үлэлии, сайда туруохпут диэн эрэнэбит.
Александра Ноговицына, Тиит Арыы нэһилиэгин култуура дьиэтин салайааччыта.