Бэҕэһээ «Илии сылааһа-2024» байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар таҥас тигиигэ III-с өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүктэннэ. Эрдэ иһитиннэрбиппит курдук, муниципальнай түһүмэххэ «Нөмүгү далбардара» кыайыылаах ааттаммыттара. Ол эрээри «Илии сылааһа» иис сыаҕа салгыы филиалларын иистэнньэҥнэрэ кытталлар диэн уларытыы киллэрэн, Покровскай куораттан «Эркээни иис» (салайааччы Альбина Лукина) хамаанда улуус чиэһин көмүскүүргэ соруммута уонна, талба талааннаах далбардар бу улахан күрэххэ кыайыыны ситистилэр.
— Биһиэхэ, Покровскай иистэнньэҥнэригэр — Зоя Семеноваҕа, Наталья Афанасьеваҕа, Татьяна Наумоваҕа, Анна Тихоноваҕа Хачыкааттан иистэнньэҥ-дьүөгэлэрбит Галина Нестерова, Туяра Олесова кэлэн кыттыстылар. Сэттэ буоламмыт, утуйар ду уубутун умнан туран, куонкурус ирдэбилинэн барыта 12 араас көрүҥ таҥаһы: 7-лии китель (1 эбии), бүрүүкэ, тактическай ырбаахы (2 эбии), 2 стеганай куртка (эбии 1 сэлиэччик), футболка, нательник, куллуку, бэргэһэ (2 эбии), балаклава, рюкзак уонна 5 флис куртка, 35 автомат саа уоһугар хаа тигэн ыыппыппыт. Өрөспүүбүлүкэ 13 улууһуттан хамаандалар кыттыбыттарыттан биһиги ииспит бастыҥ буолла, ону сэргэ, таҥас быһааччыбыт Анна Тихонова иккис миэстэҕэ тиксэн үөрүүбүт муҥура суох!, — диэн «Эркээни иис» салайааччыта Альбина Лукина үөрүүтүн үллэһиннэ.
Сарсын, олунньу 24 күнүгэр, иистэнньэҥнэр Дьокуускайга киирэн наҕараадаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга тутуохтара.
Ольга Гермогенова.