Валентина Степанова: «Биһиги өрбүт сиэккэбит оҕолорбутун харыстыа, хаххалыа диэн санаа кынаттыыр»

Дьокуускайдааҕы «Боевые шелкопряды Якутии» хамсааһын күн бүгүн араас улуустарга, нэһилиэктэргэ салааланан үлэлиир. Кинилэр өрөр харыстыыр суолталаах хаххалыыр сиэккэлэрэ байыаннай дьайыы ыытыллар сиригэр чахчы туһалааҕын, өлөр өлүүттэн быыһыыр кыахтааҕын онно сылдьан кэлбит, сулууспалыы сылдьар байыастар кэпсээннэрэ туоһулуур.

2-с Малдьаҕар нэһилиэгэр «Боевые шелкопряды Якутии» хамсааһыҥҥа олохтоох волонтердар түмсэн кыттыспыттара бу ыйга биир сылын туолла. Бу кэм устата улахан-ааннар барыта 95 устуука маскировочнай сиэккэни, 74 нашлемнигы өрдүлэр. Нэһилиэккэ сиэккэни  өрүүгэ хайдах, туохтан үтүө санаалаахтар түмсүбүттэрин сүрүн көҕүлээччи, Улахан Аан олохтооҕо, өр сыл «Кыымчаан» уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлээбит амарах сүрэхтээх Валентина Степанова кэпсээтэ.

— Биһиги нэһилиэкпититтэн анал байыаннай дьайыыга хас даҕаны биир дойдулаах уолаттарбыт сулууспалыы сылдьаллар. Кинилэргэ тугунан эмэ көмөлөһөр баҕалаах этим. Былырыын ыаллыы сытар Булгунньахтаах олохтоохторо харысхал сиэккэлэри өрөллөрүн истэн миэстэтигэр тиийэн билэн-көрөн, үөрэнэн кэлтим. Кэлээт да биир санаалаахтарбын түмпүтүм, онно биир бастакынан «Көмүлүөк» эбээлэрбит түмсүүлэрэ  (салайааччы Вера Македонова) көмөҕө кэлбиттэрэ уонна күн бүгүҥҥэ диэри көхтөөхтүк сиэккэни өрүүгэ кытта сылдьаллар, тирэх-өйөбүл буолаллар. Кинилэр баар буоланнар баччааҥҥа диэри үлэлии олоробут. Нэһилиэк олохтоохторо, биирдиилээн даҕаны буолан ким төһө бириэмэлээҕинэн кэлэн көмөлөһөллөр. Сиэккэни өрөргө анал матырыйаал туһаныллар, ону ылынарбытыгар бастакынан 10 тыһ. солкуобайы олохтоох бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Михаил Павлов үбүлээбитэ, биир көхтөөх кыттааччыбыт дьүөгэтэ 5 тыһ. солк. ыытан үөрпүтэ.

Биһиги харыстанар сиэккэлэрбитин оҥоро-оҥоро Дьокуускайга «Боевые шелкопряды Якутии» ыстаабыгар ыытабыт, онтон кинилэр салгыы ыраах Украинаҕа байыастарга тиэрдэллэр. Бэйэбит биир дойдулаахтарбыт уоппускаҕа кэллэхтэринэ эмиэ сиэккэлэрбитин, нашлемниктарбытын биэрэн ыытабыт. Ону сэргэ тарбаҕар талааннаах Варвара Кононова нэһилиэкпит, улууспут дьаралыктарын быысапкалаан биэрэн уолаттарбытыгар бэлэхтээбиппит. Маннык ис санааттан дьон көмөлөһөрө киһини үөрдэр, кынаттыыр. Соторутааҕыта #СВОихнебросаем диэн ыҥырыынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн көмөлөстүлэр. Уопсайынан, биһиги үлэбитин нэһилиэкпит дьонуттан-сэргэтиттэн саҕалаан бары тэрилтэлэр, дьаһалта улаханнык өйүүллэр. Холобура, «Аан Аартык» Култуура киинигэр туспа киэҥ хос биэрбиттэрэ, биһиги волонтердар онно мустан үлэлиибит. Оскуолаҕа үлэ уруогун учууталлара Парасковия Максимова оҕолорго нашлемник өрдөрөр, оттон Никита Яковлев сиэккэни тиирэр анал арааманы оҥорон биэрбитэ. Общественнай түмсүүлэр туора турбаттар – ийэлэр кэлэн сиэккэ өрсүбүттэрэ, Ульяна Архипова салалтатынан инбэлииттэр уопсастыбаларын көхтөөх кыттааччылара кэлэн үлэлэһэн барааччылар. Аны туран, Дьокуускайга айанныыр таксистарбыт сиэккэҕэ туттуллар матырыйаалбытын, бэлэм сиэккэлэрбитин босхо илдьэн-аҕалан биэрэллэрэ биһиэхэ эмиэ улахан көмө. Киһиэхэ кыра да наада, «шелкопрядтар» биһиги сиэккэлэрбитин туттахтарына тута биллэрэллэр, махтаналлар. Байыастар эмиэ, бэл, видеонан сибээстэһэн биһиэхэ махтанааччылар. Бу биһиги үлэбит үтүө түмүктээҕин туоһулуур, илиибит сылааһын иҥэрэн ыыппыт сиэккэбит оҕолорбутун чахчы харыстыа, хаххалыа диэн санаа кынаттыыр. Онон түмсүүбүт үлэтин дойдубут үрдүнэн эйэлээх олох үүнүөр, байыаннай дьайыы тохтуор диэри салҕыахпыт диэн, ыраахтан да буоллар өйөбүл-тирэх буолар бигэ санаалаахпыт, — диэн Валентина Петровна эрэллээхик эттэ.

М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ харыстанар сиэккэни өрүүгэ кыттыспыттарын туһунан санааларын маннык үллэстэллэр.
Артем Тимофеев: «Биһиги, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ, «Аан-Аартык» култуура киинигэр «Боевые шелкопряды» хамсааһын #СВОихнебросаем диэн ыҥырыытынан кытынныбыт. Онно маскировочнай сиэккэлэри оҥорорго үөрэммиппит, кырыйарга, иилэргэ, хомуйарга туох да ыарахана суох, барыта үчүгэйдик өйдөнөр. Мин онно маскировочнай сеткалары баайарга түргэнник үөрэммитим, ол оҥорбуттарын барытын байыаннай дьайыыга ыыталлар, мин санаабар итинник көмөлөһөр үчүгэй. Анал дьайыыга билигин барыта дроннар, онон харыстанар сиэккэ дроннары тохтоторго уонна тааҥкалары, артиллериялары, бронетехникалары көстүбэт гына хаххалыырга олус наадалаах».

Даша Калитина: «Кылааспытынан харысхал сиэккэлэри баайа үөрэммиппит. Итинниги биһиэхэ ордук саастаах дьон оҥорор эбит. Сиэккэ баайа үөрэнэрбитигэр ыарахан курдук этэ, онтон Валентина Петровна Степанова барытын өйдөтөн, чэпчэкитик ылыммыппыт. Мин санаабар, итинник сиэккэлэри оҥорон, элбэх байыас олоҕун быыһыыллара буолуо, араас техникалары, блиндажтары бүөлээн, дроннартан көмүскүүллэр».

Бу курдук биир соруктаах түмсүбүт нэһилиэк аҕам саастаахтара үүнэр кэнчээрини патриоттуу тыыҥҥа, сомоҕолоһууга бэйэлэрин үтүө холобурдарынан иитэллэр, такайаллар.

Ольга Гермогенова.

 

Читайте дальше